Өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнүгэр – эрэллээх эдэр ыччаттар, кэнчээри оҕолор эбээлэрбитигэр, эһээлэрбитигэр болҕомто уурар, кинилэри үөрдэр -көтүтэр, ахтар – саныыр сырдык күммүтүгэр аналлаах “Улуу Кыайыы уостубат өрөгөйө” кэнсиэрт ыытылынна. Нэһилиэкпит иһинэн ыытыллыбыт Улуу Кыайыы 80сылыгар анаммыт уус-уран самодеятельность фестивалын бастыҥ нүөмэрдэрэ, аһаҕас “Кыайыыны түстүүр үҥкүүлэр” үҥкүү куонкуруһун кыайыылаахтара кыттыыны ыллылар. Түөлбэ бастыҥтан бастыҥ ырыаһыттара, үҥкүүһүттэрэ Улуу Кыайыыны уруйдаан өрө көтөҕүллэн туран кытыннылар.
Кыргыһыы толоонугар эйэ-дьол, сырдык көҥүл олох иһин тыыннарын толук уурбут биир дойдулаахтарбытыгар, сэрии ветераннарыгар, сэрии огдооболоругар, тыыл ветераннарыгар, сэрии кэмин оҕолоругар анаан заалга мустубут көрөөччүлэр сүһүөхтэригэр туран “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыаны бары күрүөмүнэн ыллаатылар. Ырыа кэмигэр экраҥҥа сэрии кыттыылаахтарын мөссүөннэрэ көһүннэ.Манан Улуу Кыайыы 80 сылыгар аналлаах “Улуу Кыайыы уостубат өрөгөйө” кэнсиэрт түмүктэннэ. Кыайыы күнэ дьоҥҥо чугас уонна саамай өрөгөйдөөх, историческай суолталаах. Биһиги кэлэр көлүөнэбитигэр дьоһуннаах олоҕу олорон көрдөрбүт аҕам саастаах дьоннорбут холобур буоланнар, үйэлэр тухары олох дьоруойдара буолан уһуйа-угуйа туруохтара. Куруутун эйэлээх олох, күөх халлаан чэлгийэ турарыгар баҕарабыт.