О нас
1921-22 үөрэх сылыгар Тааһаҕар 1 кылаастаах (ол аата 4 сыллаах) оскуолатыгар Антоний Софронович Семенов учууталлаабыт. Кини (кыһыл партизан Иннокентий Софронович Семенов убайа) сахалыы аата Мотойуу (уҥуоҕунан аччыгый лаас курдугун иһин аата).1921 сыллаахха ааҕар балаҕан аан маҥнай арыллыбыт. Ол ааҕар балаҕан үлэтин кини салайан үлэлэппит. Маҥнайгы ааҕар балаҕан (билиҥҥитэ кулууп) оччотооҕу саамай тутаах үлэтинэн ыраас олох иһин охсуһуу, дьиэттэн хотону араарыы, ойууну-удаҕаны, абааһыны-таҥараны итэ5эйбэт буолуу боппуруостара буолан барбыттара.
Итилэри кытта сэргэ хаартыһыттары тутуу, дьахтары атаҕастаабат буолуу, хамначчыта суох олоруу, ынаҕы-сылгыны чуолкайдык испииһэктээһин. Нэһилиэк Советын оччотооҕу үлэтин кытта тэбис – тэҥҥэ ыытыллар буолбуттара. Итиниэхэ барытыгар ордук хоһулайан туран оскуолаҕа үһүс-төрдүс сылларын үөрэнэр ыччаттар ыкса кыттыыны ылбыттара. Холобура, Бэттэмэччиттэн комсомолга маҥнайгыннан киирэн туран Кирилл Афанасьевич Павлов, Самтакаттан Оҕонньоркоон Дмитрий Филиппович Яковлев, Аччыгый алаастан Абрам Трофимович Семенов уо.д.а. Итини тэрийсибит-салайсыбыт учуутал Антоний Софронович Семенов.
Ити кэмҥэ Якутскайга олорбут Советскай салайааччылар алҕастарынан Октябрьскай революция иннинэ үүммүт саха олохтоох интеллигенциятын үгүс өттө актыыбынай советскай үлэттэн туттуммута. Кинилэри «Саха омук», «Манчаары Баһылай» уобсастыбалар тэриллиилэринэн сибээстээн национальнай боппуруоска буруйдаабыттара. Онно элбэх хайдыһыылар, утарсыылар тахсыбыттара. Ол кэмҥэ Иркутскайы, Якутскайы кытта быһаччы сибээстээх Бүлүү үөрэхтээхтэрэ итини курдаттыы билэн олорбуттара. Улахан үөрэхтээх учуутал Антоний Софронович Семенов ону билбэт буолуон табыллыбат.Онон кини бандьыыт да, советскай да диэки буолбакка иэрэҥ – саараҥ олорбута чуолкай. Бандьыыттар үүрүллүбүттэрин кэннэ А.С.Семенов дьиҥнээх Советскай учуутал, үчүгэйи-үтүөнү, сырдыгы-ырааһы тарҕатааччы буолбута. Кини нэһилиэккэ маҥнайгыннан тарҕаппыт сырдыга үөрэнээччилэринэн чиэрэстээн үтүө эйгэни үөскэппитэ. Саха сирин үрдүнэн тэнийбит культурнай революция Тааһаҕар бары ыалларын хабан барбыта.Суоруулаах муосталаах ыаллар урут күн өрүү-өрүү харбыыр буоллахтарына, хам түм да буоллар сууйар буолбуттара. Ууну билбэтэх ис таҥастара ууга дьэ киирбитэ. Хаһан эмэ кырыатанар муус түннүк күнүстээх сарсыарда кырыатанар буолбута. Самыыларыгар тиийэр баттахтаах кыргыттар кулгаахтарын эминньэҕинэн быһыта кырыттарбыттара, быһыта кырыйа-кырыйа кылгас ырбаахы кэтэн барбыттара. Булааччылар чох өтүүгүнэн таҥастарын өтүүктэниилэрэ саҕаламмыта.
— Хайа муҥун суунаҕытый таҥаһы алдьатаҥҥыт.Таҥаһы уокка сиэтэҥҥит тоҕо өтүүктүүгүт?! – диэн кыргыттар дьонноруттан үгүстүк мөҕүллэр этилэр.
— Тиискитин алдьатаҥҥыт, тоҕо тиискитин суунаҕыт?! – диэн мөҕүллээччилэр эмиэ бааллар этэ.
Нэһилиэккэ ыраастык-чэбдиктик туттунан олорууну маҥнайгыннан ыччаттар, оскуола оҕолоро саҕалаабыттара.Ыччаттар бары үлэҕэ сөҕүмэр үрдүк көхтөөх этилэр. Куоталаһан, илин былдьаһан үлэлиир буолаллара. Үлэ бүтүннүүтэ ырыа-тойук,оонньуу-көр, уус-уран тылынан куоталаһыы ортотугар барара, үксүгэр хоно сылдьан үлэлииллэрэ.Кырдьык даҕаны көҥүл дойду оҕолорун курдук сананаллара. Иллэҥ буоллулар да, ааҕарга-суруйарга үөрэнэ сатаан муҥнанар этилэр.Дьилэй уонна дьаныара суох өттүлэригэр ол үөрэх кыайан киирбэтэҕиттэн үгүстэр кэнникигэ диэри хомойоллоро.
ССРС Журналистарын Союһун чилиэнэ,
ССРС Бочуоттаах радиһа,
Саха АССР Министрдарын Советын телевидениеҕа уонна радионан
биэриигэ комитетын бэйэтин корреспондена,
ССКП чилиэнэ Иван Васильевич Павлов ахтыытыттан.
Кулун тутар 9 кунэ 1978 сыл.