Поиск
Close this search box.

«Бастыҥ Уус-уран салайааччы»

Бүлүү куоратын М.Н. Жирков аатынан Оройуоннааҕы култуура Дыбарыаһыгар ахсынньы ый 14 күнүгэр Бүлүү улууһун култуура тэрилтэлэрин уус-уран салайааччыларын икки ардыларыгар  «Бастыҥ Уус-уран салайааччы» күөн-күрэс  ыытылынна. Күөн-күрэскэ улуус  нэһилиэктэриттэн аҕыс уус-уран салайааччы кыттыыны ылла. Күөн-күрэс Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтэ тэрийэр «Профессионалы будущего» күөн-күрэскэ олоҕуран ыытылынна. Улуустааҕы күөн-күрэс тэрийээччитинэн Оройуоннааҕы култуура сайдыытын уонна норуот айымньытын Киинэ буолла. Дьүүллүүр сүбэҕэ Корякин Артем Николаевич, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин специалиһа, Бүлүү улууһун оройуоннааҕы култуура сайдыытын уонна норуот айымньытын Киинин салайааччыта Дашевская Алена Александровна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Петрова Мария Ивановна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин тэрийэр-сүрүннүүр отделын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна уонна Захарова Матрена Николаевна, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтин специалиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна үлэлээтилэр.

«Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Алексеева Гульнара Павловна «Бастыҥ Уус-уран салайааччы» күөн-күрэскэ кыттан бочуоттаах II миэстэни ылбыта. 

Ону таһынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Ноев Афанасий Иванович уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин аптаныамнай тэрилтэтэ «өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын социальнай-култуурнай технологиялар өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэтэ» Алексеева Гульнара Павловнаҕа «СӨ норуот уус- уран айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туттардылар. 

Алексеева Гульнара Павловнаҕа итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит! Өссө да үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргуну баҕарабыт!

Дата обновления страницы: 19.12.2024