Поиск
Close this search box.

Ыам ыйын 8 күнэ Улуу Кыайыы 79 сыла

Ыам ыйын 8 күнүгэр Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө “Эйгэ” норуот айымньытын дьиэтэ ыытар тэрээһиннэригэр  нэһилиэк олохтоохторо тоҕуоруһа муһуннулар. Түмэл хоһугар уонна библиотекаҕа “Байыаннай чымадаан”,”Стена Памяти”, “Тааһаҕар нэһилиэгин хорсун саллааттара кинигэҕэ уонна хаьыакка”, “Саллаат Ийэлэрэ” диэн быыстапкалары кэлбит дьон, ыччаттар сэрэхсии көрдүлэр.

“Умнуллубат суол” диэн литературнай-музыкальнай композицияны режиссер Михаил Шамаев туруоруутугар “Эгэлгэ” кэр-кулуу норуот театрын артыыстара, оскуола оголоро итэҕэтиилээхтик оонньоон көрөөччүнү долгуттулар.Литературнай-музыкальнай композиция5а кыттыбыт “Сайдыына”, “Дьулуур” үҥкүү ансамбылларын үҥкүүлэрэ (хореограф Мария Васильева) көрөөччү биһирэбилин ыллылар.

Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк олохтоохторо ыччаттара мустан Кыайыы, көҥүл иһин кыргыһан охтубут буойуттары, Аҕа дойду сэриитин ветераннарын  кэриэстии “Өйдөбүнньүк чүмэчи” акцияҕа муһуннулар. Нэһилиэк  дьаһалтатын  баһылыга  Каратаев С.С. “Кыайыы күнүгэр биһиги сэрии толоонугар кыргыспыт хорсун сэрииһиттэр, тыылга килбиэннээхтик үлэлээбит аҕа көлүөнэ дьон үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит.Кинилэр Ийэ дойдубутун эрдээхтик көмүскээбиттэрэ, Кыайыы өрөгөйүн бүтүн аан дойдуга аҕалбыттара” диэн туран кэриэстэбил мүнүүтэ биллэрдэ.

Эдэр ыччат Ольга Николаева, оскуола үөрэнээччитэ Сандаара Поскачина бэтэрээннэрбит олорон ааспыт олохторун холобурунан билиҥҥи көлүөнэ  сомоҕолоһон, күүстэрин холбоон, туруоруммут соруктарын олоххо киллэрэн,сыалы ситиһэн, төрөөбүт дойдубутун сайыннарабыт диэн тыл эттилэр.

“Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн үрдүк тыл үйэлэри уҥуордаан, кэнэҕэс кэнчээри ыччат сүрэҕин-быарын сылааһыгар киирэн, килбиэннээх аҕа көлүөнэ кырдьыктаах дьыалаларын санатан, саҥаттан саҥа кыайыыларга сирдии турдун!

 

Дата обновления страницы: 09.05.2024