Үлэ Дьоруойа, Үлэ КыҺыл Знамятын уордьанын кавалера П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, улууска Доруобуйа сылларыгар аналлаах Бүлүү улууҺун Үрүҥ Тунах ыҺыах «ҮРҮҤ ТУНАХ ЫЬЫАҔЫ УРУЙДУОҔУҤ» Бүлүү улууҺун ыҺыаҕар талыы талба хонуулардаах ТааҺаҕардар культурнай хайысхатыгар бары күргүөмүнэн ситиҺиилээхтик кытынныбыт. Ыһыах үөрүүлээх арыллыытыгар 51 киһилээх нэһилиэк делегацията ыһыах алгыстаах арыллыытыгар, күргүөм тойукка, оһуохайга кыттан алгыс ылынан, самаан сайыммытын уруйдаатыбыт.
СР культуратын туйгуна, иистэнньэҥ Иванова Людмила Егоровна тикпит «Дьөһөгөй симэҕэ» түһүлгэни киэргэттэ. СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Семенова Наталия Алексеевна «Төрүт ас» быыстапкатын билиһиннэрдэ. Нэһилиэк идэлээх ытык кырдьаҕаһа, алгысчыт Тааһаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николаев Николай Тимофеевич эмтээх оту билиһиннэрдэ. Нэһилиэкпит чулуу үлэһит дьонун уонна Аҕа дойду сэриитин ветерана, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕэриитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», педагогическай наука кандидата, Н.К Крупская педагогическай мэдээл хаһаайына, С.Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Бүлүү улууһун уонна Тааһаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Каратаев Игнатий Ивановичка анаммыт быыстапканы оскуола учуутала, нэһилиэк советын депутата, Нахова Аида Алексеевна кэпсээтэ. Өбүгэлэрбит ҮС төрүт идэлэригэр анаммыт түһүлгэҕэ «Эгэлгэ» норуот театрын артыыстара, культура үлэһиттэрэ Олоҥхоһут, Уус, Отоһут идэлэрин оонньоон көрдөрдүлэр. Нэһилиэк баһылыга Каратаев Семен Самуилович нэһилиэк историятын, сайдыытын билиһиннэрдэ. ТүҺүлгэни эдэр ыччаттарбыт, оскуола үөрэнээччилэрэ, тэрилтэ үлэһиттэрэ хоһоон ааҕан, үҥкүүлээн киэргэттилэр.
«Уруйдан, Улуу Олоҥхо!» олоҥхону толорууга күөн-күрэскэ:
«Кылаан чыпчал» — «Тааһаҕар олоҥхоһуттара»- М.Е Григорьева «Күүстээх уохтаах ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр» сал.Петрова К.В., Шамаев М.Н.
1 үрдэл — «Сардаҥа» Ырыа Дыгыйар «Сүлэлдьин Боотур» сал. Осипова Х.И.
«Саха төрүт дорҕооно» Саха норуотун үнстүрүмүөннэригэр ооньооһун күөн күрэскэ:
III Үрдэл — «Чоргуй» сал. Алексеева Г.А. Осипов А.А
«Дьиэрэй Сахам ырыата» норуот ырыатын күөн күрэһигэр:
II Үрдэл- «Күбэйэ Хотун» этно-фольклорнай бөлөх сал. Григорьева У.Н
III Үрдэл — Осипова Христина Ивановна.
«Оһуокай-Ыһыах алгыстаах үҥкүүтэ» үҥкүү тылын этээччилэр аһаҕас күөн күрэстэригэр:
I Үрдэл — Шамаев Михаил Николаевич.
III Үрдэл — Суханов Айаал.
I Үрдэл Шамаева Нарыйаана.
Анал аат — Прокопьев Любомир.
Дархан этээччи- Григорьева Маргарита Егоровна
Нэһилиэкпит олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, түөлбэ салайааччыларыгар, түмсүүлэргэ күүс-көмө буолбуккутугар махтанабыт, куруук маннык түмсүүлээх буолуоҕуҥ.