Поиск
Close this search box.

“Үүнэ-сайда тур саргылаах Сахам сирэ”

Муус устар 27 күнэ норуоппутугар сиэрдээх-туомнаах, туспа култууралаах, сомоҕо Иллээх диэн биллэрэр дьоһуннаах өрөгөйдөөх туһааннаах күммүт. Бу күн 1922 сыллаахха, сахабыт чулуу уолаттарын Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов уонна да атыттар көмөлөрүнэн, Саха Сэбиэскэй Аптаныамнай Сэссэлэстиичэскэй Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ. Саха норуотугар улахан суолталаах күнү айхаллаан биир дойдулаахпытын төлөөннөөх революционеры Павел Петрович  Харлампьевы ахта санаан аастыбыт, аналлаах быыстапка тэрийдибит, “Үүнэ-сайда тур саргылаах Сахам сирэ” диэн Тааһаҕар нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии үлэһиттэрин, нэһилиэк Сэбиэтин депутаттарын, быыбардааччыларын бырааһынньыктааҕы кэнсиэрэ буолла.

Дата обновления страницы: 02.05.2023