Сандал сааспытын көрсөр биир үтүө күн Тааһаҕар нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын сылын чэрчитинэн, Тааһаҕар сылгыһыттарын аатыгар “Сылгыһыт күрэҕэ” ыытыллар бэлиэ күнүгэр муһуннубут. Сылгыһыт – ыарахан уонна эппиэттээх үлэ. Киһи эрэ барыта сылгыһыт буолан төрөөбөт, сылгыһыт уустук идэтин талбат. Кыһыннары-сайыннары биир өрөбүлэ суох ыҥыыр үрдүгэр олорон, сыһыылары сыыйан, алаастары кэрийэн, үрэхтэри быһан, сыспай сиэллээҕи көрүү-истии ыарахан,уустук үлэ.Маннык сындалҕаннаах үлэҕэ эриллэн-мускуллан Дьөһөгөй оҕото барахсаны доҕор оҥостон үлэлээн ааспыт нэһилиэкпит үлэһит дьонун бүгүҥҥү түгэнинэн астан-санаан, чиэстээн билиһиннэриэхпит.Саха ураты тулуурдаах уонна көрүүлээх саха сылгытын иитиигэ-ууһатыыга олохторун анаабыт дьоммутун холобур оҥостобут.
Ефремов Егор Вениаминович — Тыыл ветерана.Саха атынан Охотская муораттан таһаҕас таспыта. Өр сылларга сылгыһыттаабыт.
Потапов Семен Владимирович-Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана Кавалерист-сылгыһыт
Осипов Николай Иннокентьевич Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана. Булуу оройуонун Бочуотунай Граматытынан наҕараадаламмыт сылгыһыт.
Ефремов Кирилл Петрович- Аҕа дойду Улуу сэриитин ветерана. Буойун сылгыьыт
Николаев Николай Тимофеевич-I.Кадровай булчут, өр сылларга сылгыһыттаабыт
Поскачин Кирилл Дмитриевич Сэрии сылын оҕото. Чемпион сылгыһыт
Поскачин Дмитрий Афанасьевич.Сэрии сылын оҕото. Өр сылларга сылгыһыттаабыт
Иванов Анатолий Николаевич.Өр сылларга сылгыһыттаабыт.
Потапов Герасим Алексеевич Өр сылларга сылгыһыттаабыт Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын аҕата
Потапов Василий Семенович Кадровай булчут, өр сылларга сылгыһыттаабыт
Күрүө Дьөһөгөй айыыһыт
Аар тойон аҕакайбыат
Эн албан ааккын
Аатырдар күммүт буолла.
Айбыт сиэннэриҥ
Кэрэ сылгы кэһиитэ
Улан сылгы уйгута
Үрүҥ кытыт үүтэ
Кытытпыт кымыһа,
Аспыт урдэ,
Айылгыбыт бастыҥа
Эн албан ааккын ааттааммыт,
Аал уотунан айахтаан,
Аһатан эрэбит!
Алгысчыт Николаев Николай Тимофеевич алгыс тылын анаата.
Кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, сыспай сиэллээҕи тэнитэр туһугар сыралаһар сылгыһыттары эҕэрдэлииргэ тыл барар «Тааһаҕар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгар Каратаев С.С.
Сылгы барахсан саха норуотугар симэлийбэтин туһугар сылы эргиччи туруулаһар, уһун тымныы кыһынтан, сайыҥҥы өҥүрүк куйаастан чаҕыйбат хорсун-хоодуот дьоммутун эҕэрдэлиир тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Иннокентьев П.П.
Саха дьоно былыр-былыргыттан Дьөһөгөй айыы оҕотугар сүгүрүйэн, миинэр миҥэ, көлүнэр көлө, эрэллээх доҕор оҥостон баччаҕа диэри үйэлэри уҥуордаан кэллэхпит. Сылгыһыт эһээлэрбитин, аҕаларбытын, эдьиийдэрбитин утумнаамнаан — уустук айылҕалаах дойдуга сылгы иитиитин баһылаан, баар ыарахаттарын аахсыбакка бэриниилээхтик үлэлээр, бу идэни сайыннарар, көҕүлүүр, таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар дьоммутугар улахан махталбын тиэрдэбин. Эһиги киэҥ-холку майгыгытынан, мындыр өйгүтүнэн-санааҕытынан, дьон-сэргэ ытыктабылын, киэн туттуутун, махталын ылаҕыт. Эһиэхэ чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, дьолу-соргунубаҕарабын! Өбүгэбит үтүө дьарыга салгыы сайыннын, киэҥник тэнийдин,төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьар, сылгыны-сүөһүнү иитэр дьоммут бөҕө туруктаах буоллуннар, саха сылгыта тэнийэ, тыабыт сирэ сайда турдун!