Поиск
Close this search box.

“Үс көлүөнэ- үс ситим” конкурс кыттыылаахтара

🛑🥰🥰🥰❤️👨‍👩‍👧☀️Аан дойдутааҕы ДьИЭ КЭРГЭН күнүгэр аналлаах аҺаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар “Үс көлүөнэ- үс ситим” хаартысканан күрэх кыттыылаахтара💖💐🎈📸📸

1 кыттааччы— Софронеева Матрена Симоновна — Бүлүү улууһун Кыадаҥда нэһилиэгэ.

Хос эбээтэ  Томская Ольга Дмитриевна,  Тыыл, Үлэ ветерана, Герой Ийэ; улахан кыыһа, Софронеева Матрена Симоновна — Бүлүүттэн төрүттээх Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ үөрэҕириитин Туйгуна, Үлэ ветерана, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах ветерана, «Учууталлар учууталлара», 5 оҕо ийэтэ; кыра кыыһа, Сметанина Сайыына Павловна, 3 оҕо ийэтэ, Кэбээйитээҕи ДЮСШ чэпчэки атлетикаҕа тренерэ; кыыһа, Олия — Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын 2Б кылааһын туйгун үөрэнээччитэ.

2 кыттааччы- Аргунова Лидия Петровна — Таатта улууҺун Ытык — Күөл сэлиэнньэтэ.

Тимирдяева Лидия Егоровна — 73 саастаах — Үлэ бэтэрээнэ, Таатта улууһун норуот маастара. Иистэнэрин, баайарын сөбүлүүр. Сахалыы байбаралаах халадаайдары, уолаттарга, эр дьоҥҥо оноолоох соннору баайан оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин киэргэтэр, таҥыннарар. Оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин иис кэрэ эйгэтигэр үөрэтэр.КыыҺа — Аргунова Лидия Петровна — 43 саастаах, кыыс сиэнэ — Аргунова Чэмэлиинэ, 10 саастаах, кыыс сиэнэ Аргунова Уйгулаана — 6 саастаах

3 кыттааччы- Винокурова Зоя Николаевна — Бүлүү куорат.

Михайлова Зоя Николаевна 7 оҕо дьоллоох ийэтэ, 18 сиэн эбээтэ, 10 хос сиэн мааны эбээтэ буолар. Үйэтин тухары бытовой комбинатка онтон пед.училищаҕа үлэлээн бочуоттаах үлэ ветерана «Ветеран Труда», «Ударник коммунистического Труда» уонна «Материнская Слава» диэн мэтээллэрдээх.
Ийэлэрэ — Михайлова Анна Николаевна пенсионерка , соҕотох оҕото Винокурова Зоя Николаевна , улахан кыыҺа- Ангелина Новосибирский архитектурно-строительный колледж иккис курсун туйгун үөрэнээччитэ, активистка уонна хорошистка.

4 кыттааччы- Эверстова Ольга Николаевна — Нам улууҺун, Салбаҥ нэҺилиэгэ.

Сэрии оҕото, 78 саастаах Уваровская Клара Гаврильевна, кыыҺа — 54 саастаах, музыка учуутала Уваровская Туяра Викторовна, «Эйгэ» норуот айымньытын киинин уус — уран салайааччыта Эверстова Ольга Николаевна, сиэнэ — 9 саастаах Эверстова Анджелина.

5 кыттааччы- Бурцева Виктория Ивановна — Мэҥэ-Хаҥалас улууһа Бэстээх бөһүөлэгэ.

Күндү киҺилэрэ , эбээлэрэ Егорова Вера Дмитриевна Бүлүү улууҺун ТааҺаҕар нэҺилиэгиттэн төрүттээх, 10 оҕо тапталлаах ийэтэ , элбэх сиэн , хос сиэннэр эбээлэрэ. НэҺилиэк кырдьаҕас олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ. Ийэ — Осипова Полина Егоровна 6 оҕо дьоллоох ийэтэ, 7 сиэн тапталлаах эбээтэ, Полина Егоровна улахан кыыҺа — Бурцева Виктория Ивановна — 3 оҕо тапталлах ийэтэ.

6 кыттааччы- Попова Светлана Николаевна — Амма улууҺа Мээндиги нэҺилиэгэ.

Борисова Анна Прокопьевна, Илларионова Мария Афанасьевна, Попова Светлана Николаевна, Попова Анна Семеновна, Иванова Элеонора Тимофеевна

7 кыттааччы- Егорова Аселья Денисовна- Бүлүү улууҺун Тыымпы нэҺилиэгэ.

Егорова Аселья Денисовна 3 саастаах, ийэтин, эбээтин, хос эбээтин кытары.

8 кыттааччы — «АлаҺа» СК уус — уран салайааччыта Григорьева Туйара Кирилловна — Бүлүү улууҺун Баппаҕаайы нэҺилиэгэ.

Үлэ, сцена ветерана, 7 оҕо күн күбэй ийэтэ, эбээтэ, хос эбээтэ, 83 саастаах Николаева Мария Алексеевна, соцработник Григорьева Дария Ивановна, 3 саастаах Никифорова Карина.

Дата обновления страницы: 17.05.2022