Ахсынньы 3 күнүгэр Дьокуускай куоракка “Үрүҥ тугутчаан” диэн оҕо, ыччат ускуустубатын бэстибээлэ аан бастаан ыытылынна. Бэстибээл биэс хайысханнан буолла муусука, тыйаатыр,хореография,уруһуй, киинэ ускуустубата. Маны тэҥэ маастар кылаастар, төгүрүк остуоллар буоллулар. Бу бэстибээлгэ “Эйгэ” норуот айымньытын дьиэтин уус уран салайааччыта Гульнара Алексеева салайар “Чоргуй” фольклорнай оҕо бөлөҕө кыттыыны ылан Николай Воловик П.А.Ойуунускай “Өйдөөх оҕо” кэпсээнин толорон дипломант III степеннээх дипломун тутта. Бэстибээлгэ республика араас улуустарыттан Дьокуускай куораттан уопсайа 2000 кыттааччы талааннарын көрдөрдүлэр. “Чоргуй” бөлөх кыттыбыт уус-уран ааҕыы хайысхаҕа 66 о5о кытынна. Оҕолор талааннарын Культура уонна духуобунас министра А.И.Ноев, Үөрэҕирии уонна наука министра О.Т.Соколова, “Движение первых” оҕо, ыччат хамсааһынын региональнай отделениетын Сэбиэтин председателя О.Т.Михайлова үрдүктүк сыаналаатылар. «Чоргуй» бөлөх кыттыылаахтара маны таһынан маастар кылаастарга кыттан элбэҕи биллилэр. Региональнай “Үрүҥ тугутчаан” диэн оҕо, ыччат ускуустубатын бэстибээлэ икки сылга биирдэ ыытыллыаҕа.