Арассыыйаҕа үрдүнэн бэлиэтэнэр Аҕалар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэтэнэр Ийэлэр күннэригэр аналлаах «Эҕэрдэ истиҥэ — ананнын Эһиэхэ»диэн бырааһынньыктааҕы кэнсиэркэ “Эйгэ” норуот айымньытын дьиэтин иһинэн үлэлиир уус-уран айымньы куруһуоктарыгар дьарыктанар оҕолор кытыннылар. “Чоргуй” фольклорнай бөлөх (сал Алексеева Г.П.), “Эгэлгэчээн” драматическай куруһуок (сал. Шамаев М.Н.), Сардаҥа, Сайдам ансаамбыллар (сал.Осипова Х.И.), Толбон, Дьулуур (сал Васильева М.Д.) үҥкүү ансаамбыллара, ырыаһыттар Сандаара Поскачина, Анжулия Яковлева Аҕа уонна Ийэ — аан дойдуга үтүөнү, үөрүүнү, ырааһы , сылааһы аҕалар күн тэҥэ дьоннорбутун бу бэлиэ күнүнэн эҕэрдэ тиэртилэр.
Аҕа уонна Ийэ диэн хас биирдии киһи олоҕор айыы аанньала, Үрүҥ Күн сырдыга буолар. Биһиэхэ олохпутун бэлэхтээбит дьоммутугар сиргэ тиийэ сүгүрүйүөҕүҥ!