Поиск
Close this search box.

Эдэр олоҥхо толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи XXII-ис «МУҤХА ОЛОҤХОТО”

Бүлүү улууһун Лөкөчөөн нэһилиэгэр эдэр олоҥхо толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээҕи XXII-ис «МУҤХА ОЛОҤХОТО» бэстибээл-лабаратория ыытылынна. Тэрийээччилэр — өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо Ассоциацията» уопсастыбаннай тэрилтэ, Олоҥхо киинэ, Олоҥхо тыйаатыра, Аартыкатааҕы ускуустуба уонна култуура судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтэ, Лөкөчөөн нэһилиэгэ, Култуура сайдыытын уонна норуот айымньытын Оройуоннааҕы киинэ, Н. И. Ылахова аатынан национальнай-култуурунай киин В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэлэктиибэ.
Муҥха Улун Эбэҕэ сахалыы сиэри-туому тутуһан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Геннадий ХАРЛАМПЬЕВ-КЫНААЧАЙ Күөх Боллох Тойоҥҥо Алгыһынан түһэрилиннэ.
Кыттааччылар Саха сиригэр соҕотох Афанасий Нифонтович Яковлев тэрийбит Балыксыт балаҕаныгар сырыттылар, А.Н. Леонтьев аатынан Лөкөчөөн орто оскуолатын кэлэктиибин кыттакөрүстүлэр.
Дьүүллүүр Сүбэҕэ Олоҥхо тыйаатырын научнай-методическай уонна тас сибээскэ үлэҕэ Олоҥхо Киинин сүрүннүүр үлэһиттэрэ бэстибээл солбуллубат салайааччыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олоҥхо тыйаатырын на фольклорга кылаабынай исписийэлииһэ З.Г. Сысолятина, олоҥхону чинчийээччи, Олоҥхо Ассоциациятын вице-бэрисидьиэнэ, Олоҥхо киинин салаатын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Протодьяконова, Олоҥхо Киинин исписийэлииһэ У.М. Флегонтова, этнопедагог, педагогика билимин кандидата, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин бэрэпэдэбээтэлэ Е.Г. Лыткина, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбүрсүтүөт культурологияҕа кафедратын профессора Г.С. Попова — Санаайа үлэлээтилэр.
Бэстибээл күөн-күрэһигэр 10 барыта эдэр олоҥхоһут кытынна.

Кылаан кыайыылааҕынан Михаил ШАМАЕВ (Тааһаҕар нэһилиэгэ) ааттанна уонна Олоҥхо Ассоциациятын 10000 солк. бирииһинэн наҕараадаланна, спонсор — “Академия. Успех Вместе” хампаанньа(лидер Т.И. Жиркова). Алгысчыт, үҥкүү тылын этээччи С.Г. Алексеев аатынан бирииһи Нарыйа ШАМАЕВА (Тааһаҕар нэһилиэгэ) ылла.

Нэһилиэктэрин  аатын ааттата сылдьар эдэр ыччаттарбытыгар ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Өбүгэбит үтүө үгэстэрин үксэтэ, кэскиллэрин кэҥэтэ туруҥ!

Дата обновления страницы: 17.11.2026