Кулун тутар 2 күнүгэр Эйгэ норуот дьиэтигэр Саха сиригэр Оҕо саас, Култуура тэрилтэлэригэр оҕо тыйаатырга дьоҕурун сайыннарыы сылын чэрчитинэн Эгэлгэчээн-2024 аһаҕас театральнай күрэх буолла.
Эгэлгэ норуот театра туруорбут Кылаан бирииһин Е.А.Степанова аатынан Тоҕус орто оскуолатын Күлбэйэ театральнай куруһуогун оголоро ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Салайааччылар С.Боронова, В.Егорова.
1Үрдэл Чернышевскай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Салайааччы Нь. Хоноехов
2 Үрдэл Тэбэнэтчээн бөлөх.Балаҕаччытааҕы Чэчир КСК салайааччы А.Алексеева
3 Үрдэл Баппаҕаайы Оскуолатын Сүргэ театра салайааччы М.Степанова
1Үктэл Тааһаҕардааҕы Эйгэ НАДь Толбон бөлөх салайааччы М.Васильева
2 Үктэл В.П.Трофимова аатынан Өкүндү Творческая мастерская театральнай куруһуога. Салайааччыс С.Петрова
3 Үктэл Дьөккөн нэһилиэгин Күндүүнэ Пестрякова Сарыал КК салайааччы М.Пестрякова.
Умсугутуулаах оруоллаах уол оҕо- Николай Воловик (Тааһаҕар)
Талба талааннаах кыыс ого — Аделина Пермякова ( Балаҕаччы)
Чаҕылхай ансамбль- Сардаҥа (Тааһаҕар)
Театр эйгэтигэр уһуйааччы-М.Степанова (Баппаҕаайы)
Бастыҥ сценическай көстүүм- Күнчээн ( Тааһаҕар)
Бастыҥ грим — Сардаҥа (Тааһаҕар)
Көрөөччү биһирэбилэ — С.Антонов (Баппаҕаайы).
Эгэлгэчээн — 2024 күрэххэ 76 театр эйгэтин сөбүлээн дьарыктанар оҕолор кытыннылар. Эдэркээн артыыстарбытыгар үөрэхтэригэр ситиһиини, талааҥҥыт тахса, сайда турарыгар багарабын.