Поиск
Close this search box.

Ыам ыйын 9 күнэ

Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит!

Улуу Кыайыы 79 сыла, үөрүүлээх күн «Сүгүрүйэбит Эһиэхэ, Кыайыыны уһансыбыттарга» диэн миитини  Тааһаҕар нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии баһылыгар Каратаев С.С. арыйда. Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола 10-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ Кыайыы Знамятын күөрэччи көтөҕөн Кыайыы болуоссатыгар киллэрдилэр, Росгвардия кылааһа строевой хаамыыларын көрдөрдүлэр.Нэһилиэк ветераннарын Советын предсадателя Григорьева Н.Д., нэһилиэк депутата Куланова М.А.,Бүлүү улууһун ыччат уонна оҕо хамсааһынын председателя Суханов Айаал тыл эттилэр.

Орто дойдубут олоцхолоох олоҕун оҥкулун уурбут хорсун-хоодуот санаалаах буойуттарбытыгар, сэрии, тыыл ветераннарбытыгар хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан, сүЬүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн гирлянда ууруута, кутурҕан мүнүүтэ биллэрилиннэ.  

Оскуола үөрэнээччилэрэ, ыччаттар эҕэрдэ концертара, полевой кухня, Кыайыы оһуохайа тэриллэн ыытылынна.

Биһиги, бэйэлэрин олохторунан, хорсун быһыыларынан кыайыыны аҕалбыт аҕа көлүөнэбитигэр сүгүрүйэбит. Кинилэр холобурдарыгар биһиги Ийэ дойдуга, төрөөбүт сиргэ уҕараабат тапталы, бэриниилээх буолууну көрөбүт.

Дата обновления страницы: 12.05.2024