Поиск
Close this search box.

Ыам ыйын 31 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Ыам ыйын 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 151-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 152-c күнэ). Сыл бүтүө 214 күн баар.

  • ХНТ— Табаҕа суох күн (World No Tobacco Day). 2020 сыллаахха бу күн сүрүн болҕомтото табаҕы оҥорон таһаарааччылар уонна атыылааччылар ыччаты сутуйар бэлиитикэлэригэр туһаайыллар
  • Аан дойдуга Тэҥэ суох буолууну утары охсуһар күн. Дьадайыыны кыччатыыга уонна киһи-аймах барыта баайдык-тоттук олоруутугар туһуланар
  • Аан дойдуга сырдык баттахтаах кэрэ аҥаардар күннэрэ
  • Арассыыйа — Адвокатура күнэ

    Түбэлтэлэр:

  • 1223 — Калка өрүһүгэр кыргыһыы: Сүбэдэй уонна Дьэбэ нойон салалталаах монгол сэриитэ Киевскэй Русь уонна кыпчак сэриилэрин үлтүрүппүт.
  • 1293 — Билиҥҥи Индонезияҕа баар Ява арыытын бас бэриннэрэр соруктаах улахан монгол (Юань импиэрийэтэ) сэриитэ олохтоох дьон соһуччу саба түһүүлэригэр түбэһэн кыайтарбыт. Бу Сурабайа куоратын олохтоммут күнүнэн ааҕыллар.
  • 1859 — Лондоҥҥа Биг Бен чаһыыта хаамыытын саҕалаабыт.
  • 1879 — Берлиҥҥэ бастакы электрическэй тимир суол аһыллыбыт уонна бастакы электрическэй пуойас көрдөрүллүбүт.
  • 1891 — Владивостокка Транссибир магистралын тутуута үөрүүлээхтик саҕаламмыт.
  • 1918 — Иркутскайтан Дьокуускайга Апполинарий Рыдзинскай баһылыктаах кыһыл этэрээт арахпыт. Этэрээккэ 350 киһи баара, ону кытары аара Усть-Кутка, Киренскэйгэ, Витимҥэ 200 кэриҥэ киһи эбии холбоһуохтааҕа. Апполинарий Рыдзинскай этэрээтин иннинэ Центросибирьтэн Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтуу Былатыан Ойуунускай (Слепцов) баһылыктаах комиссия айаннаабыта.
  • 1918 — Уһук Илиннээҕи байыаннай уокурук (ДВО) тэриллибит — Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрин холбоһуга. Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр, Приморскай, Камчатка уонна Хабаровскай кыраайдар, Амур, Магадан, Сахалин уобаластарыгар, Чукотка автономиялаах уокуругар уонна Дьэбириэй автономиялаах уобалаһыгар дислокацияланар. Уокурук штааба Хабаровскай куоракка баар.
  • 1945 — батальонун сатабыллаахтык хамаандалааһынын, өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин Ньурбаттан төрүттээх гвардия капитана Николай Чусовскойга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
  • 1978 — Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 8-с уочарата суох сиэссийэтигэр саҥа Конституция ылыныллыбыт.
  • 1990 — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала диэн ытык аат Ороһутааҕы норуот педагогикатын түмэлин олохтооччутугар Константин Чиряевка иҥэриллибит.
  • 1994 — Магадаан уобалаһын дьаһалтатын аҕыйах ахсааннаах омуктары өйүүр уурааҕар Магадаан сахалара Дьэһиэй сахалара диэн аатынан киирбиттэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, Дьэһиэй диэн сүүнэ күөл Красноярскай кыраайга баар, онно былыр былыргыттан сахалар түөлбэлээн олороллор.
  • 2010 — СӨ иккис бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров эмискэ дуоһунаһыттан барбыт, бэрэсидьиэн эбээһинэһин толорооччунан Егор Борисов буолбут.
Дата обновления страницы: 31.05.2022