Ыам ыйын 28 диэн Григориан халандаарыгар сыл 148-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 149-c күнэ). Сыл бүтүө 217 күн баар.
Арассыыйаҕа пограничник күнэ.
Түбэлтэлэр.
- 1830 — Индеецтэри көһөрүү туһунан сокуоҥҥа АХШ бэрэсидьиэнэ Эндрю Джексон илии баттаабыт, бу сокуонунан төрүт олохтоохтору сирдэриттэн матарбыттара уонна күүс өттүнэн атын сирдэргэ көһөрбүттэрэ.
- 1858 — Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар Айгун дуогабара түһэрсиллибит. Амыр өрүһүн хоту өттө Арассыыйа састаабыгар киирбит, оттон Уссури кыраайа холбоһуктаах бас билии буолбут.
- 1871 — нэдиэлэ тухары барбыт кырыктаах кыргыыһылар түмүктэригэр Париж коммуната урусхалламмыт. 25 тыһ. коммунар өлбүт, 40 тыһ. кэриҥэ киһи хаайыыга угуллубут уонна Саҥа Каледонияҕа уонна Алжирга хаатыргаҕа ыытыллбыт.
- 1905 — Цусима кыргыһыытыгар Дьоппуон флота Балтикаттан кэлбит Арассыыйа флотун үлтүрүппүт.
- 1937 — Билиҥҥи кэмҥэ (2019 с.) аан дойдуга саамай бөдөҥ массыына оҥорооччу хампаанньа Фольксваген тэриллибит.
- 1940 — Аан дойду Иккис сэриитэ: Бельгия нацистыы Германияҕа бэриммит.
- 1976 — Москубаҕа Сэбиэскэй Сойуус уонна АХШ ыккардыларыгар сир аннынааҕы ядернай дэлби тэптэриилэрии ыытыы туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит.
- 1987 — 18 саастаах Арҕаа Германия олохтооҕо Матиас Руст Сэбиэскэй Сойуус ПВО-тун итэҕэстэрин туһанан кыра сөмүлүөтүнэн Москубаҕа көтөн кэлэр уонна Кыһыл болуоссакка түһэр.
- 1998 — «Чагай-I» бырайыак чэрчитинэн Пакистан бэйэтин бастакы атомнай бомбаларын дэлби тэптэрбит. Инньэ гынан Пакистан ядернай сэрии сэбин бас билэр ахсыс судаарыстыба буолбут.
- 2006 — Баку-Тбилиси-Чэйхан ниэп турбата Чэйхаҥҥа (Туурсуйа) тиийбит.
- 2018 — Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана буолан бүппүт, кини оннугар Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччуннан Николаев Айсен Сергеевич анаммыт.