Ыам ыйын 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 147-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 148-c күнэ). Сыл бүтүө 218 күн баар.
Арасыыйаҕа Бибилэтиэкэ күнэ. 1995 сыллаахха тахсыбыт бэрэсидьиэн Борис Ельцин уураҕынан бэлиэтэнэр буолбута. 1795 сыллаахха бу күн Импэрээтэр публичнай бибилэтиэкэтэ олохтоммут эбит.
Түбэлтэлэр.
- 1199 — «Сирэ суох» диэн хос ааттаммыт Иоанн (1167—1216) убайа «Хахай сүрэх» Ричард өлбүтүн кэннэ Англия хоруола буолар. Кини ыраахтааҕылаан олордоҕуна өрө турбут бароннар 1215 сыллаахха Көҥүл улуу хаартыйатыгар илии баттаппыттар, бу түбэлтэ Иоанны устуоруйаҕа киллэрбитэ.
- 1644 — Маньчжур регенэ Доргон өрө турбут Ли Цзичэни (Шунь династия) Шанхай дабаанын аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Манчжурдар бу кэннэ Пекини ылбыттара.
- 1703 — Ыраахтааҕы Бүөтүр I Санкт-Петербург куоратын олохтообут.
- 1764 сыл Саха сирин бойобуодатынан ананан сулууспалаабыт прапорщик Козьма Дуреев уурайан Тобольскайга барбыт. 1764 сыл тохсунньу 29 күнүттэн Саха сирин салайбыта.
- 1883 — Москубаҕа Александр III ыраахтааҕы хоруоналаммыт.
- 1905 — Нуучча-дьоппуон сэриитэ: Цусима кыргыһыыта саҕаламмыт. Бу сэрии тиһэх кыргыһыыта, нуучча флота урусхалламмыта.
- 1920 — Татаар Социалистическай Советскай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ.
- 1933 — Уолт Дисней хампаанньата «Үс сибиинньэ оҕото» диэн ойуулугу таһаарбыт.
- 1935 — Саха сирин хотугулуу-илин өттүгэр сытар Илин Сибиирдээҕи байҕал аата бигэргэммит. Урукку ааттара: Муустаах байҕал, Индигир байҕала, Хоту байҕал, Сибиир байҕала.
- 1937 сыллаахха Сан-Франциско куоракка аан дойдуга биир саамай кэрэтинэн биллэр Көмүс Аан күргэ аһыллыбыт. Күргэ уһуна 1280 миэтэрэ, алта эрээт массыына сылдьар, сатыы киһи хаамарыгар аналлаах икки суоллаах. Икки 93 см модьулаах канаакка ыйанан турар, ол канааттар 227 миэтэрэлээх ыстаал тирээбиллэргэ ыйаммыттар.
- 1941 — АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Д. Рузвельт дойдуга суһал быһыыны биллэрбит.
- 1941 — Хотугу Атлантикаҕа Британия хараабыллара «Бисмарк» диэн ньиэмэс икки саамай бөдөҥ линкордарыттан биирдэстэрин тимирдибиттэр. 2100 кэриҥэ киһи өлбүт.
- 1942 — Лондоҥҥа бэлэмнэммит Чехолсловакия аармыйатын диверсиялыыр этэрээтэ Прагаҕа Гейдрих диэн Гитлер чугас киһитигэр саба түспүтэ. Рейх куттала суох буолуутун управлениетын тойоно Рейнхард Гейдрих өлөрдүү бааһырбыта. Бу кэнниттэн ньиэмэстэр Богемияҕа уонна Моравияҕа 13 тыһыынчаттан тахса киһини хаайыыга бырахпыттара, сорох дааннайынан 5 тыһыынчаттан тахса киһи өлөрүллүбүтэ.
- 1960 — Туурсуйаҕа байыаннай переворот буолбут.
- 1967 — Австралияҕа аборигеннары биэрэпискэ ааҕар туһунан референдум буолбутугар, куоластааччы 90-тан тахса бырыһыана сөбүлэспит. Бу иннинэ Австралия конституцията аборигеннары дьон ахсааныгар киллэрэри бобор этэ. Маннык референдум да кэнниттэн аборигеннар толору гражданскай быраабы өссө да ыла иликтэрэ. Кинилэр 1971 сылга диэри гражданствоны сайабылыанньа эрэ түһэрэн ылыахтарын сөбө уонна чэпчэкитик ону былдьатыахтарын сөбө. 1983 сыллаахха биирдэ быыбарга куоластыыр бырааптаммыттара.
- 1969 — «Машина времени» рок-бөлөх олохтоммут.
- 1973 — ССРС Ааптар быраабын харыстыыр туһунан Женеватааҕы конвенцияҕа кыттыспыт.
- 1994 — Арассыыйаҕа сүүрбэ сыл үүрүллүү кэнниттэн суруйааччы Александр Солженицын төннүбүт.
- 1994 — Альтернативнай рогу оонньуур «Сплин» бөлөх Санкт-Петербуурга үөскээбит.
- 1996 — Бастакы чэчиэн сэриитин кэмигэр Борис Ельцин чэчиэн өрө турааччыларын кытта көрсөн уоту тохтотор туһунан сөбүлэспиттэр.
- 1997 — Арассыыйа уонна НАТО ыккардыларыгар сыһыаннары олохтуур сүрүн докумуон ылыллыбыт.