Поиск
Close this search box.

Хотун Бүлүү Туонатыгар Олоҥхо Ыһыаҕа

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Хотун Бүлүү Туонатыгар Олоҥхо Ыһыаҕар ТааҺаҕар нэҺилиэгин түмсүүлэрин, ансамбылларын, биирдиилээн толорооччуларын культурнай программаҕа ситиҺиилэрэ, түгэннэрэ👏👏👏👍:

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Хотун Бүлүү Туонатыгар Олоҥхо Ыһыаҕар нэһилиэкпититтэн олоҥхоһуттара баран көхтөөхтүк кыттан кэллилэр. Ол курдук «Үрүмэччи» бөлөх ансаамбыла, «Чуораанчык» бөлөх иитиллээччилэрэ, «Тааһааҕар олоҥхоһуттара», «Сайдам» бөлөх ансаамбыла баран ситиһиилээхтик кытыннылар, бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр👏👏👏

1.II Үрдэл (40тыһ. солкуобай) «Үрүмэччи» бөлөх «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» аһаҕас күөн-күрэс олоҥхо кыайыылаахтара👏👏👏
2. III Үрдэл (35 тыһ. солкуобай) Шамаев Михаил «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» эдэр ыччат күөн-күрэс олоҥхону толорууга кыайыылааҕа. 👏👏👏
3. III Үрдэл (7 тыһ. солкуобай) Григорьева Маргарита Егоровна «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» улахан дьоҥҥо олоҥхону толорууга күөн-күрэс кыайыылааҕа 👏👏👏
4.III Үрдэл (35 тыһ. солкуобай) Шамаев Николай Михайлович «Күүгүнүүр күөртээх, кытыастар кыһалаах Кудай Бахсы уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күөн-күрэстэрин кыайыылааҕа 👏👏👏
5.Анал Аат (8 тыһ. солкуобай) «Үрүмэччи бөлөх» 6-7 кылаас «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» олоҥхо күөн-күрэс кыайыылаахтара👏👏👏
6. Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) «Сэргэх толорооччу» Суханов Айаал «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» 7-17 саастаах олоҥхону толоруу күрэҕин кыайыылааҕа 👏👏👏
7. Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) «Кэскиллээх толорооччу» Воловик Николай «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» 7-17 саастаах олоҥхону толоруу күрэҕин кыайыылааҕа 👏👏👏
8. Анал Аат (5 тыҺ. солкуобай) — Суханов Айаал «Түөлбэ күөлэ холобурдаах түһүлгэтэ тэрийиэх, тэйдэр тэбэ көтүөх!» 7-17 саастаах үҥкүү тылын этээччилэр күөн — күрэстэрин кыайыылааҕа👏👏👏
9.Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) — Шамаева Сайыына «Түөлбэ күөлэ холобурдаах түһүлгэтэ тэрийиэх, тэйдэр тэбэ көтүөх!» 7-17 саастаах үҥкүү тылын этээччилэр күөн — күрэстэрин кыайыылааҕа👏👏👏
10. Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) «Олоҥхону олоҕунан билии» Шамаева Сайыына «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» 7-17 саастаах олоҥхону толоруу күрэҕин кыайыылааҕа 👏👏👏
11.Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) «Сайдам» бөлөх «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» эдэр ыччат олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу кыайыылаахтара👏👏👏
12.Анал Аат (5 тыһ. солкуобай) ”Тааһаҕар олоҥхоһуттара» «Өрөөбүт уоһу өһүлэн, хоммут уоһу хоннорон» улахан дьоҥҥо олоҥхону бөлөҕүнэн толоруу кыайыылаахтара👏👏👏
13.Анал Аат (3 тыһ. солкуобай) «Аныгылыы ньыманан оҥоһуллубут тимиринэн батыйа» Шамаев Николай Михайлович «Күүгүнүүр күөртээх, кытыастар кыһалаах Кудай Бахсы уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күөн-күрэстэрин кыайыылааҕа 👏👏👏
14.Анал Аат (3 тыһ. солкуобай) Шамаев Михаил «Кылыгырыы дьиэрэй, кылыһахтаах тойугум» күөн-күрэс кыайыылааҕа 👏👏👏
Бары кыттааччыларга ситиҺиилэринэн, кыайыыларынан истиҥ эҕэрдэбитин, махталбытын тириэрдэбит👏👏👍Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыҺыаҕар ТааҺаҕар нэҺилиэгин аатын ааттаппыт талба талааннаахтарга уруй — айхал👏👏👏🥰👏👏🥰

Дата обновления страницы: 30.06.2022