Саха республикатын күнүнэн итии-истин э5эрдэ. Өрөгөй Саха Улуу Омуга! Муус устар ый 27 күнүгэр, сиэрдээх-туомнаах, туспа култууралаах, сомоҕо Иллээх диэн биллэрэр дьоһуннаах өрөгөйдөөх туһааннаах күммүт! Саха Автономнай советскай социалистическэй өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 102 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин түгэннэриттэн фоторепортаж көрөргүтүгэр.
Саха норуотун историятыгар киирбит улахан суолталаах күнү биһиги бигэтик өйдүөх тустаахпыт. Бу күнүнэн киэн туттан тураммыт кэнчээри ыччаппытыгар дьоһун ситиһиини сэһэргиир, өйдөтөр, иҥэрэр эбээһинэстээхпит. Ол биһиги улуу дьоммутугар ытык иэспит. Ыччаттарбыт кинилэр курдук сырдык санаалаах, сайдыыга уонна дириҥ билиигэ дьулуурдаах буолалларыгар баҕарабын. Биһиги нэһилиэкпит сайдыыта, кини дьонун олоҕун уйгута хас биирдиибититтэн тутулуктааҕын быһыытынан күргүөмнээхтик үлэлиэҕин, үөрэниэҕин, айыаҕын-тутуоҕун! диэн Тааһаҕар нэһилиэгэ МТ баһылыга Каратаев С.С.тыл этиитинэн миитин арылынна.
Муус устар 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах бэлиэ күн. 1922 сыллаахха бу күн саха норуотун чулуу уолаттара Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Степан Аржаков, Исидор Барахов Саха сирэ автономия буоларын ситиспиттэрэ. Бу саха омуга сайдыытыгар улахан төһүү күүс, бигэ тирэх буолбута.Кинилэр соратниктара биир дойдулаахпыт төлөннөөх революционер Павел Петрович Харлампьев туһунан ветераннар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Григорьева Наталья Дмитриевна кэпсээтэ
Чөл өйдөөх-санаалаах, бигэ тирэхтээх, судаарыстыбаннай үлэһит, чулуу киһибит РФ уонна СР үтүөлээх юриһа, юстиция 3 кылаастаах судаарыстыбаннай сүбэһитэ Николай Нифонтович Каратаев аатын олохтоох оскуолабыт киэн тутта сүгэр.Аймахтарын ааттарыттан Харлампьева Мария Егоровна киэҥ ис хоһоонноох ахтыыны оҥордо.
Төрөөбүт – үөскээбит Республикабыт саргыта сайыннын, дьол – саргы туһугар дойдубут өссө чэчирээн, тупса турдун, үйэлэр тухары умнуллубакка, умсулҕаннаах оһуокай олохтоно туруохтун диэн туран оһуохайга түһүлгэтин төрүттээтилэр талааннаах ыччаттарбыт Львов Капитон Петрович, Шамаев Михаил Николаевич.