💠⚜️💠⚜️Россия норуоттарын култуураҕа нэhилиэстибэтин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууhун Чулуу дьонугар аналлаах сыллар чэрчилэринэн «Уруйдан Булуум улууhа, Айхаллан Сахам сирэ!» улуустааҕы Үрүҥ Тунах Ыhыаҕа👏👏👏👍:
Бэс ыйын 17-18 күннэригэр «Уруйдан Бүлүүм улууһа, Айхаллан Сахам сирэ» Россия норуоттарын култуураҕа нэhилиэстибэтин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууhун Чулуу дьонугар аналлаах сыллар чэрчилэринэн ыытыллыбыт улуустааҕы Үрүҥ Тунах Ыһыахха Тааһаҕар нэһилиэгин дьоно сэргэтэ, түмсүүлэрэ, тэрилтэ үлэһиттэрэ кыралыын улаханныын биир сомоҕо буолан киирэн ситиһиилээхтик кытыннылар. Ол курдук аан бастаан нэһилиэктэр параадтарыгар киирэммит нэһилиэкпит былааҕын өрө уунан ыһыах арыйыытыгар кытынныбыт.
Ол кэннэ түһүлгэбитигэр нэһилиэкпит олохтоохторун этинэн, үрүҥ аһынан, быырпаҕынан толору астаах остуолга ыҥыран күндүлээтилэр, остуол тула ирэ-хоро кэпсэтэн, эҕэрдэ тыллары этэн, нэһилиэкпит кэрэ-нарын куоластаахтарын кэнсиэрин көрөн дьон-сэргэ үөрэ-көтө сылаас чэйдээх остуол тула олордулар.
Нэһилиэктэр икки ардыларынан ыытыллар «Түһүлгэни көрүү» күрэххэ нэһилиэк олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан олох күүстээхтик тэринэн киирэн кытынныбыт, түөлбэ салайааччылара, олохтоохторо сахалар төрүт астарын быыстапкатыгар олус миинньигэс астары астаатылар, «Уран уус оһуор-мандар олоҕо» улуустааҕы быыстапка дьаарбаҥкатыгар нэһилиэкпит уран тарбахтаахтара кытыыны ыллылар. Дьэ уонна төрүттэрбит былыыр былыргыттан Үрүҥ тунах ыһыахха ыытар «Кымыс үрдүн охторуу» сиэрин туомун «Өбүгэ үйэлээх үгэһэ» сахалыы сиэрин туому толоруу нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыыттыллар күөн-күрэскэ кытынныбыт.
💠⚜️💠⚜️Россия норуоттарын култуураҕа нэhилиэстибэтин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууhун Чулуу дьонугар аналлаах сыллар чэрчилэринэн «Уруйдан Булуум улууhа, Айхаллан Сахам сирэ!» улуустааҕы Үрүҥ Тунах Ыhыахха ТааҺаҕар нэҺилиэгин түмсүүлэрин, ансамбылларын, биирдиилээн толорооччуларын культурнай программаҕа ситиҺиилэрэ, түгэннэрэ👏👏👏👍:
1. Кылаан бириис (10 тыс. солкуобай) — «Күбэйэ» түмсүү салайааччы Поскачина Акулина Кирилловна «ЫҺыаҕым саргылаах таҥаҺа» саха таҥаҺын аҺаҕас күөн-күрэҺин «Сахалыы сценическай таҥас» көрүҥ кыайыылааҕа. 👏👏👏
2. Добун сурук 1 үрдэл — «ТааҺаҕар олонхоьуттара» «Олонхо — ситим, олонхо утум» олоҥхону толорууга аҺаҕас күөн-күрэс кыайыылаахтара👏👏👏
3. Добун сурук 1 үрдэл — «Кымыс үрдүн охторуу» толорон «Өбүгэ үйэлээх үгэҺэ» сахалыы сиэри — туому көрдөрүүгэ аҺаҕас күөн-күрэс кыайыылааҕа👏👏👏
4. Добун сурук 1 үрдэл — «Күбэйэ хотун» этно — фольклорнай бөлөх «Төрүт дорҕоон түҺүлгэтэ» күөн-күрэс норуот ырыатын көрүҥүн кыайыылааҕа👏👏👏
5. Добун сурук 1 үрдэл — Христина Осипова «Төрүт дорҕоон түҺүлгэтэ» күөн-күрэс чабырҕах көрүҥүн кыайыылааҕа👏👏👏
6. Добун сурук 1 үрдэл (4 тыҺ. солкуобай) — Шамаев Михаил «Төрүт дорҕоон түҺүлгэтэ» күөн-күрэс тойук көрүҥүн кыайыылааҕа👏👏👏
7. Добун сурук 1 үрдэл (15 тыҺ. солкуобай) — Шамаева Сайыына «Оонньоннун ойдоруулаах оҺуокай» үҥкүү тылын этээччилэр аҺаҕас күөн — күрэстэрин кыайыылааҕа👏👏👏
8. Добун сурук 2 үрдэл (3 тыс. солкуобай) — Шамаева Нарыйаана «Оонньоннун ойдоруулаах оҺуокай» үҥкүү тылын этээччилэр аҺаҕас күөн күрэстэрин кыайыылааҕа👏👏
9. Добун сурук 2 үрдэл (3 тыс. солкуобай) — «Үрүмэччи» бөлөх «Олоҥхо — ситим, олоҥхо утум», олоҥхону толорууга аҺаҕас күөн-күрэс кыайыылааҕа👏👏👏
10. Добун сурук 2 үрдэл — «ДьүрүҺүй» бөлөх «Төрүт дорҕоон түҺүлгэтэ» күөн — күрэс хомус көрүҥүн кыайыылаахтара👏👏👏
11. Добун сурук 2 миэстэ уонна «Алроса» компания анал бирииҺэ — Суханов Айаал «Олонхо — ситим, олонхо утум» олоҥхону толорууга аҺаҕас күөн-күрэс кыайыылааҕа👏👏👏
12. Добун сурук 3 үрдэл (2500 солкуобай) — Суханов Айаал «Оонньоннун ойдоруулаах оҺуокай» үҥкүү тылын этээччилэр аҺаҕас күөн — күрэстэрин кыайыылааҕа👏👏👏
Россия норуоттарын култуураҕа нэhилиэстибэтин, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууhун Чулуу дьонугар аналлаах сыллар чэрчилэринэн «Уруйдан Булуум улууhа, Айхаллан Сахам сирэ!» улуустааҕы Үрүҥ Тунах Ыhыахха нэһилиэктэр икки ардыларынан ыытыллыбыт күөн-күрэскэ уопсай түмүгүнэн нэһилиэкпит олохтоохторо бочуоттаах 2 миэстэ буоллубут😀👏👏👏👏👏👏👏
Бары кыттааччыларга ситиҺиилэринэн, кыайыыларынан истиҥ эҕэрдэбитин, махталбытын тириэрдэбит👏👏👍ТааҺаҕар нэҺилиэгин талба талааннаахтарыгар уруй — айхал👏👏👏🥰👏👏🥰