Улуу Кыайыы 80 сылынан нэһилиэкпит хорсун буойуттарын үйэтитэн, кыайыыны уһансыбыт ветераннарбытын санаан, кэлэр көлүөнэҕэ өйдөбүл буоллун диэн “Түмэл” хоһугар Бүтүн Арассыыйатааҕы акцияҕа кыттыһан “Солдатский чемодан” диэн сэрии ветераннарын байыаннай суолларынан чымадааннара турда.
Түөлбэ олохтоохторун сэриигэ турууласпыт сэрии, тыыл ветераннарын хаартыскаларын мунньан «Айхаллан Улуу Кыайыы” үйэлээх планшет оҥоһуллан уонна “Кыайыы Чороонноро” быыстапкаҕа ветераннарга Кыайыы күннэригэр бэлэхтээбит чорооннорун туруоран, дьон болҕомтотугар уурулунна.
«Кыайыы муннуга” фотозонаҕа сэрии кэминээҕи ойуулаһыҥҥа дьон -сэргэ түһэн үөрдүлэр, Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн хаартыскаҕа үйэтитиннилэр.