Поиск
Close this search box.

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК — БИЧИК күнүнэн «Эйгэ»

ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ УОННА СУРУК — БИЧИК күнүнэн «Эйгэ» НАДь, олохтоох библиотека, ветеран Сэбиэтин председателэ Григорьева Н.Д. холбоҺук проектарынан үгэс буолан ыытыллар «ТААҺАҔАРДАР ХОҺООН ТУОНАТЫГАР» тэрээҺиҥҥэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ: Администрация, Н.Н.Каратаев аатынан ТааҺаҕар орто оскуолата, «Мичээр» оҕо уҺуйаана, » Түмэн» хамаанда , «Күбэйэ» эбээлэр, «ДьоҺун саас» кырдьаҕастар түмсүүлэрэ, оскуола алын, орто сүҺүөхтэрэ литературнай — музыкальнай композициялары туруордулар. Барыта — 67 киҺи хоҺоон ааҕан дьон кутун туттулар. Биэчэр иккис чааҺыгар — Ил Дархан Гранын хаҺаайката, олоҥхоҺут, уҺуйааччы Григорьева Маргарита Егоровна «Ыас хара аттаах күүстээх — уохтаах Толлуман бухатыыр» олоҥхото үс араас ньыманнан көрдөрүлүннэ. Михаил Шамаев аныгылыы театрализованнай туруоруутун, ростовай куукулаларынан видео (кылаас салайааччыта Попова М.Г.), 11 кылаас үөрэнээччитэ Андрей Иванов Аан дойдуга тарҕаммыт Манга форматынан оҥорбут видео-презентациятын (салайааччы Попова М.Г. ) көрдөрдүлэр.
САХА БУОЛАН САНДААРЫҤ, КИҺИ БУОЛАН КИЛБЭЙИҤ

Дата обновления страницы: 14.02.2024