Поиск
Close this search box.

Түмсүү түһүлгэтэ

Ыам ыйын ылааҥы киэһэтигэр “Эйгэ” НАДь Саха Республикатыгар Оһуохай, Ырыа уонна Ньукуолун күнүнэн нэһилиэк общественнай тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин уус-уран айымньы куруһуоктарын икки ардыгар ыытыллар “Түмсүү түһүлгэтэ” биэчэр ыытылынна.Кыттыыны ыллылар:

1 “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрин салайааччы Акулина Поскачина

2 “Дугуйук” үҥкүү ансамбылын салайааччы Альбина Григорьева

3 “Сайдыына” үҥкүү ансамбылын салайааччы Анна Иванова

 “Айыы аһынан күндүлээһин”, “Ньургуһун сибэкки” авангард муода, Саха сиригэр Ырыа күнүнэн уонна Пионерия 100 сылынан “Оҕо сааһым ырыата” диэн ырыаҕа,“Өркөн өй” түһүмэхтэргэ куоталастылар.

“Дугуйук” үҥкүү ансамбыл бастакы миэстэни ылан сыаналаах сертификатынан  на5араадаланна.  “Күбэйэ” эбээлэр түмсүүлэрэ,  “Сайдыына” үҥкүү ансамбыла Добун суругунан бирииһинэн наҕараадаланнылар.Анал ааттары ыллылар:

Алгыс алаадьыта- Поскачина Акулина Кирилловна

Сиэдэрэй көстүү – Суханова Агафия Дмитриевна

Өркөн өй – Поскачина Кыыдаана Егоровна

Уран тыл умсулҕана – Осипова Христина Ивановна.

Күрэххэ кыттыбыт “Түмсүү түһүлгэтин” мааны дьонугар, төрүт үгэстэргитин умнумаӊ, сайдам санаа5ыт салаллан дьоллоох буолуӊ диэн алгыспытын аныыбыт! Бары түмсүүлээхтик айымньылаах үлэбитинэн, или-эйэни олохтоон, дьоллоох олоҕу уруйдаан, дьоллоох түһүлгэни тэрийэн, эбиллэ, кэҥии, сайда туруоҕуҥ!

 

 

Дата обновления страницы: 25.05.2024