Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн,Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар,«Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 100 сылларынан ыытыллар Тааһаҕар нэһилиэгин Үрүӊ Тунах ыһыаҕар Сэбиэскэй партийнай үлэҺит, Бүлүү улууҺугар Сэбиэскэй былааҺы олохтоспут биллиилээх революционер Харлампьев Павел Петрович аатынан «ТааҺаҕар талааннаах ыччата — 2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл» нэҺилиэк ыччаттарын ыккардыларыгар ыытыллар күөн — күрэс балаһыанньата.
💠💠Буолар күнэ дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ,2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл
💠💠Ыытыллар сирэ: Тааһаҕар нэҺилиэгэ,»Эйгэ» НАДь
💠💠Саҕаланыыта: 2️⃣1️⃣ чаастан
💠💠Күөн — күрэс сыала-соруга:
— НэҺилиэкпит ыччаттарын талба талааннарын киэҥ араҥаҕа таҺаарыы;
— кэрэни кэрэхсиир ыччаттар толорор маастарыстыбаларын үрдэтии, өйөөҺүн
💠💠Күөн — күрэс түҺүмэхтэрэ:
1) «Айылҕаттан бэриллибит талааммын арыйан» — бэйэни билиҺиннэрии
2). «Кэрэни кэрэхсээн, үтүөнү үксэтэн» — талааны көрдөрүү
3). «Тобуллаҕас толкуй, билии — көрүү» — «Эйгэ» НАДь 1️⃣0️⃣0️⃣ сылыгар уонна Бүлүү улууҺугар Сэбиэскэй былааҺы олохтоспут биллиилээх революционер Харлампьев Павел Петровичка аналлаах интеллектуальнай түҺүмэх
4).»ОҺуор — мандар сахам таҥаҺа» — сахалыы таҥас муодата
💠💠Күөн — күрэс ирдэбилэ:
— Кыттааччы сааҺа: 18-35 сааҺыгар дылы
— кыттааччы ТааҺаҕар нэҺилиэгин ыччата буолуохтаах
💠💠Күрэххэ кыттыы иһин төлөбүр:5️⃣0️⃣0️⃣ солк.
💠💠НаҕараадалааҺын: — Кыайыылаах «ТааҺаҕар талааннаах ыччата- 2022» үрдүк аатын ылар;
— Бириистээх анал ааттар иҥэриллэллэр
💠💠💠
Билсэр аадырыскыт: Бүлүү улууһа, Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтэ, телефон 35-3-35, 89644153306, 89644154595, 89627382482.