Айылҕа уһуктан, от-мас үүнэн ситэн силигилээн Ыһыах ыһар күммүт бэс ыйын 24 күнүгэр Тааһаҕар нэһилиэгэр тиийэн кэллэ. Ыһыах былыр-былыргыттан, номоххо киирбит саха төрдө Эллэй Боотур саҕаттан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн, бу күҥҥэ диэри өбүгэлэрбит сүтэрбэккэ илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин кэрэһитэ, айылҕалыын алтыһан, Үрдүк айыылартан күүс-уох, эрчим ылар ытык күммүт. Быйыл Үрүҥ Тунах ыһыахпытын Арассыыйаҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа, Тааһаҕар нэһилиэгэр Благоустройство сылларыгар анаатыбыт. Куһаҕан санаа кыттыспатын, дьаҥ-дьаһах дьалбарыйдын диэн саргылаах саҥа тустэннэ, кэскиллээх алгыс тыл этилиннэ. Саха дьонугар саамай суолталаах тэрээһин туһунан фоторепортаж быһыытынан сырдатыахпыт.
Үрүҥ тунах ыһыах үөрүүлээх арыллыыта.
Үрүҥ тунах ыһыахпыт өрөгөйүн үрдэтэр алгыс оһуохайа. Оһуохайы таһаарда Ким Осипов.
Кымыс иһиитин сиэрин-туомун туорума.
Культурнай тэрээһиннэр кыайыылаахтара:
«Алаас ырыата» оҕолорго ырыаны толорууга күрэс:
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор:
1 миэстэ — Григорьева Юля (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
Орто сүһүөх оскуола оҕолоро:
1 миэстэ — Нахов Алеша (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
2 миэстэ — Веревкина Диана (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
3 миэстэ — Андреев Эрхан (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
Улахан сүһүөх оскуола оҕолоро:
1 миэстэ Воловик Николай (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
«Оһуокай төрүт оонньуубут» оһуокай күрэһэ:
Улахан сүһүөх оскуола оҕолоро:
1 миэстэ — Суханов Айаал (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
2 миэстэ — Прокопьев Любомир (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
3 миэстэ — Нахова Дайаана (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
Улахан дьон:
1 миэстэ — Львов Капитон (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
2 миэстэ — Константинова Евдокия (Хампа нэһилиэгэ)
3 миэстэ — Осипова Христина (Тааһаҕар нэһилиэгэ)
«Саргылаах чуор куолас» норуот ырыатыгар күрэс:
1 миэстэ — Константинова Евдокия (Хампа нэһилиэгэ)
2 миэстэ — Григорьева Ульяна (Тааһаҕар нэһилиэгэ)