Поиск
Close this search box.

Тааһаҕар — доҕордоһуу уонна эйэ түһүлгэтэ

       Сэтинньи 3 күнүгэр «Эйгэ» НАДЬ Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «Тааһаҕар — доҕордоһуу уонна эйэ түһүлгэтэ» тэрээһиҥҥэ ЯТЭК үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар. Ыалдьыттары арыылаах алаадьыннан, кымыһынан айах туттубут, арчы сиэрэ — туома ыытылынна.  Ыалдьыттарга  Түмэл хоһугар нэһилиэк баһылыга Каратаев С.С. нэһилиэк олоҕун- дьаһаҕын билиһиннэрдэ. Онтон библиотекаҕа «Остуол оонньуутун таптааччылар» түмсүүтүн салайаачыта Осипов Р.А. уонна оскуола учуутала Иванов А.А. сахалыы остуол оонньууларын билиһиннэрдилэр, оонньоттулар. Нэһилиэк ытык киһитэ, оһуохайдьыт, алгысчыт, олоҥхоһут Григорьева М.Е. Сомоҕолоһуу оһуокайын саҕалаан ыалдьыттары ыҥыртаата уонна салгыы оһуокайы таһаардылар эдэр оһуокайдьыттар Шамаев М.Н.,Суханов Айаал . Нэһилиэк түмсүүлэрин, ансаамбылларын уонна ЯТЭК үлэһиттэрэ кыттыылаах «Төрүт тыын» концерт тэрээһини түмүктээтэ. Кыттыбыт бары түмсүүлэргэ «Күбэйэ», «Дьулуур», «Дугуйук», «Сайдыына», «Тааһаҕар олоҥхоһуттара», «Эгэлгэ», ансаамбыллара, оһуокайдьыттарга махталбытын тиэрдэбит, куруук маннык түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолуоҕун. 

Дата обновления страницы: 08.11.2024