Поиск
Close this search box.

«Олоӊхо дьоллоох түһүлгэтэ»  ыытыллар олоӊхо ырыатын — тойугун  күрэһин балаһыанньата

Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 1️⃣0️⃣0️⃣ сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар, «Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 1️⃣0️⃣0️⃣ сылларынан ыытыллар ТааҺаҕар нэҺилиэгин Үрүҥ Тунах ыҺыаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын уонна Үөрэҕэриитин туйгуна, Үлэ ветерана, ТааҺаҕар нэҺилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, фольклорга уҺуйааччы Григорьева Маргарита Егоровна тус бирииҺигэр ыытыллар «Олоҥхо — дьоллоох түҺүлгэтэ» олоҥхо ырыатын — тойугун күрэҺин балаҺыанньата

💠💠Буолар күнэ — дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ, 2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл.
💠💠Ыытыллар сирэ: ТааҺаҕар нэҺилиэгэ, «ТүҺүлгэ» сынньалаҥ парката
💠💠Саҕаланыыта: 1️⃣5️⃣ чаастан
💠💠Күрэс сыала — соруга:
— Олоҥхону толоруутун, ис — тас кэрэтин кэрэхсэтии;
— Олоҥхо геройдарын ырыатын сөпкө толорооҺун;
— Саха төрүт ырыатын толорууга эдэр дьону көҕүлээҺин
💠💠Күрэс ирдэбилэ:
— 1️⃣8️⃣ тан үөҺээ саастаахтар кытталлар;
— Кыттааччы бириэмэтэ хааччахтаммат
— Сахалыы таҥаҺын — сабын толорута
— Кыттааччы олоҥхо биир геройун тойугун — ырыатын толорор
💠💠Кыайыыны быҺаарар ирдэбиллэр:
— Толорооччу маастарыстыбата, толоруута;
— сахалыы таҥас, көстүүм толорута;
— куолаҺын чуора,кэрэтэ, дьиэрэтиитэ
💠💠Кыттыы иҺин усунуос: 2️⃣0️⃣0️⃣ солк.💠💠💠

💠💠Күрэх түмүгүнэн 1️⃣,2️⃣,3️⃣ миэстэлэр олохтоноллор💠💠💠

Билсэр аадырыскыт: Бүлүү улууһа, Тааһаҕар нэһилиэгэ, «Эйгэ» норуот айымньытын дьиэтэ, телефон 35-3-35, 89644153306, 89644154595, 89627382482.

 

Дата обновления страницы: 23.06.2022