Поиск
Close this search box.

«Олоҥхо Тыйаатыра»

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, СӨ АТ «Олоҥхо Тыйаатыра», Олоҥхо киинэ тэрийэр кулун тутар 27 — 29 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха сиригэр Оҕо саас  сылыгар ананар  XXVII «ОЛОҤХО ДОЙДУТУН ОҔОТОБУН» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл  — лабораторияҕа Республикабыт улуустарыттан 600чэкэ оҕо кыттыыны ылла.ТааҺаҕар нэҺилиэгин «Эйгэ» НАДЬ «Сардаҥа», «Чуораанчык» фольклорнай бөлөхтөрө ситиҺиилээхтик кытыннылар. Бэстибээл дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр:Бэрэссэдээтэль Протодьяконова Е.Н. – “Олоҥхо киинин” салайааччыны солбуйааччы,  Попова Г.С. – ХИФУ профессора, педагогика билимин кандидата; Данилова А.Н. – ГЧИуоААХНПИ старшай научнай сотруднига, филология билимин кандидата, Флегонтова У.М. – “Олоҥхо киинин” сүрүннүүр үлэһитэ, Сысолятина З.Г. – “Олоҥхо киинин” сүрүннүүр үлэһитэ.

 «Сардаҥа» бөлөх уһуйааччы Осипова Христина Ивановна (кылаас салайааччыта Иванова Татьяна Владимировна) — «Кэскиллээх бөлөх» анал аат, “Чуораанчык” бөлөх уһуйааччы Алексеева Гульнара Павловна уһуйар оголоро Суханов Айаал -«ДьоҺун этээччи» анал аат, Воловик Николай — «БиҺирэбил бириис» ааттары ылан үөрдүлэр — көттүлэр.Быйыл сайын Амма улууҺугар ыытыллар Олоҥхо ыҺыаҕар кыттарга ыҥырыллыннылар.Оҕолорбутугар инникитин өссө үрдүк ситиҺиилэри, олоҥхо эйгэтигэр алтыҺан, дабайыылары баҕарабыт.

Дата обновления страницы: 30.03.2024