Бэс ыйын 24 күнүгэр «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтигэр Араассыыйаҕа Учуутал уонна Уһуйааччы, Саха сиригэр Үлэ, Бүлүү улууһугар Доруобуйа, Тааһаҕар нэһилиэгэр Благоустройства сылларыгар аналлаах Үрүҥ Тунах ыһыахпыт киэһээҥҥи культурнай тэрээһинэ «Мин тэрилтэм-мин киэн туттуум» саҕаланна. Конкурс сүрүн сыала тэрилтэ үлэһиттэрин талааннарын, булугас өйдөрүн, уҕараабат дьулуурдарын, киэҥ көрүүлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүү буолар, конкурска Тааһаҕар нэһилиэгин 5 араас тэрилтэ үлэһиттэрэ күөн-көрүстүлэр ол курдук кыттыыны ыллылар «Эйгэ» норуот айымньыытн Дьиэтин аатыттан Иванова Анна, ФАП аатыттан Саргылаана Тутукарова, «Мичээр» оҕо уһуйаанын аатыттан Екатерина Андреева, олохтоох дьаһалта аатыттан Ульяна Григорьева, Н.Н Каратаев аатынан Тааһаҕардааҕы орто оскуола аатыттан Львов Капитон. Кыттааччыларбыт дьоҕурдаах, сатабыллаах буоланнар көрөөччүнү олус сөхтөрдүлэр дьоро киэһээни бэлэхтээтилэр. «Мин тэрилтэм-мин киэн туттуум» тэрилтэ үлэһиттэрин икки ардыларынан ыытыллыбыт конкурс түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан Григорьева Ульяна буолла, кыттааччылар бары анал аатынан, сыаналаах бирииһинэн уонна ытыс тыаһынан наҕараадаланнылар.