🛑❤️👨👩👧👨👩👧👦☀️Аан дойдутааҕы ДьИЭ КЭРГЭН күнүгэр аналлаах аҺаҕас куйаар ситиминэн ыытыллар “Мин дьиэ кэргэним үгэстэрэ” хаартысканан күрэх конкурсаннара💖💐🎈📸📸
1 кыттааччылар — Саха үгэҺин тутуҺар, икки маанылаах оҕолордоох Третьяковтар дьиэ кэргэттэрэ — Орто Халыма улууҺун, Налимскай бөҺүөлэгэ.
Ыал буолан оҕо төрөтөн алаҺа дьиэ аанньала ийэлэрэ, тойон аҕалара сахалыы үгэҺинэн куруук иҥэмтэлээх аҺынан бэйэ оҥорон таҺаарар аҺылыгы өрө тутан оҕолорун аҺатар үгэстээхтэр.
2 кыттааччылар — Поскачиттар дьиэ кэргэн — Бүлүү улууҺун ТааҺаҕар нэҺилиэгэ.
1985 сыллаахха ыал буоланнар, оҕо — уруу тэнийэн.Сыл аайы аймахтарын кытта үтүө үгэстэрэ бары бииргэ айылҕаҕа сынньаныы, сир астааҺын, балыктааҺын, аймахтар ыҺыах ыҺааҺыннара.
3 кыттааччылар — Софронеева Матрена Симоновна- Кэбээйи улууҺун Кэбээйи нэҺилиэгэ.
Дьиэ кэргэн үгэҺэ — өбүгэ сахалыы остуол оонньууларын оҕолорунаан, сиэннэринээн мустан оонньууллар
4 кыттааччылар — Федоровтар дьиэ кэргэн— Бүлүү улууҺун Тыымпы нэҺилиэгэ.
2003 сыллаахтан ыал буолан , 3 хоҺуун уол оҕолордоохтор. Дьиэ кэргэнинэн үтүө үгэстэрэ — ырыаны ымыы гынан, тойугу доҕор оҥостон дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ ыллыыллар, ВИА ансамбллаахтар, араас кэминээҕи кинигэни мунньан дьиэтээҕи библиотеканы хаҥатыналлар, сынньалаҥнарыгар бары кинигэ доргуччу ааҕаллар.
5 кыттааччылар- Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ — Ньурба улууҺун Октябрьскай нэҺилиэгэ.
2010 сыллаахха сүрэхтэрин холбоон, алаҺа дьиэ тэринэн, биэс оҕоломмуттар. Егоровтар дьиэ кэргэн үгэстэрэ- кыыдааннаах кыҺын кэннэ, айылҕа уҺуктуутугар күргүөмүнэн тахсан тэлгэҺэлэрин ыраастыыллар, Ньукуолун күн салама ыйаан, түптэ уматан тэлгэҺэлэригэр чэйдииллэр.