Поиск
Close this search box.

Көмүс күһүн бэлэҕэ

Аҕам саастаахтар күннэринэн Ытык дьоммутугар Тааһаҕар нэһилиэгин аҕам саастаахтарыгар аналлаах куйаар ситиминэн ыытыллар «Көмүс күһүн бэлэҕэ» хаартысканан күрэх балаһыанньата

Тэрийээччи: Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин «Эйгэ» норуот айымньытын Дьиэтэ, олохтоох библиотека

Ыытыллар кэмэ: Балаҕан ыйын 28 күнүттэн — алтынньы 8 күнүгэр диэри

Күрэх сыала — соруга:

  • Аҕам саастаах дьону көҕүлээһин;
  • Оҕуруот аһын, айылҕа эмтээх отторун, быйаҥын хаартыскаҕа үйэтитии.

Күрэх ирдэбилэ: Кыттааччы оҕуруокка, эмтээх үүнээйилэри, айылҕа бэлэҕэр түспүт хаартыскатын ыытар

Күрэх үс номинацияҕа  арахсар:

  1. «Оҕуруоппуттан хаһаас» элбэх үүнээйини үүннэрии, кэнсиэрбэлээһин рецептээх суруктаах, хаартыскатынаан;
  2. «Эмтээх үүнээйиттэн бэйэм рецебим» эмтээх үүнээйини хайдах туттарын суруйан ыытар, эмтээх отун хаартыскаҕа түһэрэн ыытар;
  3. «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» сир астыыр, булт бэлэҕин хаартыската

Кыттааччы аатын, сааһын толору суруйан ыытар

Хаартыскаларгытын 89627382482, 89644153306 нүөмэрдэргэ ыытаҕыт

Кыайыылаахтар  анал бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Кыттыҥ, сэргэхсийиҥ

Дата обновления страницы: 28.09.2021