Поиск
Close this search box.

Күргүөм оһуохай

Бүгүн нэһилиэкпит иһигэр эрэ буолбакка бүтүннүү Сахабыт сиригэр өрөгөйдөөх, үөрүүлээх күн. Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтин (Саха АССР) төрүттээбит саха чулуу дьоно М.К.Аммосов, П.А.Ойуунускай, И.Н. Барахов, С.М.Аржаков сыралаах үлэлэрин, күүстээх туруорсууларын түмүгэр Саха Автономията төрүттэмитэ 100 сылын бэлиэтэ. Бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү нэһилиэк олохтоохторо бары биир санааннан Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуолаҕа 100 буолан мустаммыт түөлбэ күөлүн эргийэ, түһүлгэни төрүттээн күргүөм оһуохайы ыстыбыт. Ырыаһыттарбыт түөлбэ түһүлгэ төрүттэнэр төлкөлөөх оһуохайын кэрэ чуор куоластарынан киэргэттилэр, бастаккыннан оһуохайы Н.Н.Каратаев аатынан Тааһаҕардааҕы орто оскуола 4 кылааһын үөрэнээччитэ Воловик Коля таһаарда, салҕыы «Үрүмэччи» ансаамбль иитиллээчилэрэ Шамаев Айаал, Шамаева Нарыйаана, Шамаева Сайыына эгэлгэлээн тупсаран оһуохайы таһаардылар. Түмүккэ Саха Республикатын культуратын туйгуна, Саха Республикатын үтүөлээх үҥкүү тылын этээччитэ «Үрүмэччи» ансамбль салайааччыта Григорьева Маргарита Егоровна төлкөлөөх оһуохайын таһаарда.

Барҕа баай быйаҥнаах кыраайбыт,

Киэҥ сырдык аартыгын аһаммыт

Аҕыс аргыардаах Аан Ийэ дойдуга

Албан аатырбыт, суон сураҕырбыт

Алгыстаах алаһабыт, сылаас уйабыт-

Сахабыт Сирэ, Эйиэхэ-Айхал!

Уруй-туску!

 

Дата обновления страницы: 27.04.2022