Поиск
Close this search box.

Кыайыы 77 сыла

1945 сыл ыам ыйын 8 күнүгэр Немецкай — фашисткай халабырдьыттары утары советскай норуот Аҕа дойду Улуу сэриитин кыайыылаахтык түмүктээһинин уонна биир тыла суох бэринэрин туһунан биллэрбит. Гитлеровскай Германияны букатыннаахтык үлтүрүтүүнэн түмүктэммит, Кыһыл Аармыйа историческай кыайыыларын бэлиэтээн — ыам ыйын 9 күнэ норуот бүттүүнүн үөрүүтүн — көтүүтүн күнүнэн — Кыайыы бырааһынньыгын  олохтуурга диэн ССРС үрдүкү сэбиэтин Президиумун ыйаа5ар илии баттаммыта. Тааһаҕар нэһилиэгин олохтоохторо бу күнү уруйдаан, айхаллаан түөлбэлэринэн параадтаан хаамтылар ону кытары бүтүн Россия үрдүнэн ыытыллар «Өлбөт тыыннаах полк» акцияга биһиги  үүнэр көлүөнэ ыччаттарбыт  кыттыһаннар «Тааһаҕар» нэһилиэгиттэн сэрии уоттаах толоонугар геройдуу охтубут буойуттар , төннөн кэлэн эйэлээх олоҕу уһансыбыт биһиги биир дойдулаахтарбыт Советскай Армия хорсун саллааттарын мөссүөннэрэ бүгүн биһигини кытта тэҥҥэ хаамыстылар.

«Саһарҕа» түөлбэ салайааччы Григорьева А.Н.

«Алаһа» түөлбэ салайааччы Осипова В.Н

«Мичээр» түөлбэ салайааччы Иванова Т.В

«Түһүлгэ» түөлбэ салайааччы Прокопьева С.К

Улуу Кыайыы 77 сыла, үөрүүлээх күҥҥэ анаммыт «Сүгүрүйэбит Эһиэхэ, Кыайыыны уһансыбыттарга» диэн миитини «Тааһаҕар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыга Каратаев Семен Самуилович саҕалаата. Улуу кыайыыны уһансыбыт Геройдарбытыгар, фроҥҥа, тыылга бэйэлэрин күүстэрин анаабыт дьоммутугар, өлбөөдүйбэт хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэн туран «Кыайыы знамятын» киллэрдилэр. Кыайыы 77 сылын айхаллаан нэһилиэк ветераннарын сэбиэтин председателэ Григорьева Наталья Дмитриевна бэйэтин эҕэрдэ тылын, эттэ. Бу курдук Кыайыы 77 сылыгар аналаах митиҥҥэ хорсун саллааттарбытын, тыыл, үлэ ветераннарын айхаллаан Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар, ырыа ыллаатылар, строевой хаамыыларын көрдөрдүлэр ону таһынан сылаас чэйдээх «Полевая кухня» үлэлээтэ.

Хас хонук аастаҕын аайы Аҕа дойду сэриитин ыар кэмнэрин кыттыылаахтара, ол кэмнэргэ үлэлээн-хамсаан ааспыт ийэлэрбит, эбээлэрбит, аҕаларбыт, эһээлэрбит аҕыйаан иһэллэр, ол эрэн барыбыт сүрэхпитигэр кинилэр мөссүөннэрэ өрүү баар буолуо.Кинилэр уһансыбыт Улуу Кыайыылара өрүү баар буоллун. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Миитин кэннэ «Саха балаҕаныгар» биhиги дьоллох олохпут туhугар  күнү – түүнү ыпсаран ыарахан  үлэҕэ эриллибит ветераннарбытыгар анаан  «Көмүлүөк тула олорон» диэн истиҥ көрсүһүүбүтүн саҕалаатыбыт. Бу көрсүһүүгэ аҕа дьоммутун хорсун быһыыларын, күүстээх үлэлэрин иһин уруйдаатыбыт – айхаллаатыбыт. Тааһаҕар нэһилиэгин муниципальнай тэрилтэлэрэ тыыл, үлэ ветераннарбытыгар сэмэй бэлэхтэрин ууннулар, айхал тылларын эттилэр.

Улуу Кыайыы  77 сылын айхаллыыр күммүт түмүктүүргэ Тааһаҕардааҕы Н.Н.Каратаев аатынан орто оскуола заалыгар түөлбэлэринэн күүрээннээх, ыһыылаах-хаһыылаах волейбол оонньоон күрэхтэстибит. Ол кудук күрэхтэһии түмүгүнэн: 1 миэстэ —  «Саһарҕа» түөлбэ, 2 миэстэ-«Мичээр» түөлбэ, 3 миэстэ-«Алаһа» түөлбэ, 4 миэстэ-  «Түһүлгэ» түөлбэ буоллулар.

Дата обновления страницы: 11.05.2022