Саха Өрөспүүбүлүкэтин ийэлирин күнүгэр аналлаах «Ийэ мичээрэ» дьоро киэһэбитигэр мустубут күн күбэй ийэлэргэ күүстээх, эрэллээх дьонноргут ааттарыттан, нохтолоох сүрэхтэн тахсар таптал, ытыктабыл тылларын эҕэрдэлэр этилиннилэр , Дуоҕа эр дьон ансаамбыла истиҥ ырыалары ыллаата.Кимиэхэ баҕарар ийэттэн күндү киһи суох. Ийэ мичээринэн аан дойду барыта кэрэтийэ сандаарар. Ийэлэр баар буоланнар олох утума салҕанар, киһи-аймах ахсаана элбиир, бииртэн биир көлүөнэ оҕолор олох араас мындырдарыгар үөрэнэллэр, олохпут-дьаһахпыт чэчирии чэлгийэр.
“Эйгэ” норуот айымньытын дьиэтигэр дьарыктанар “Дьулуур”, “Эгэлгэчээн”, “Сайдам” ансаамбыллар оҕолоро видеоннан эҕэрдэлин эттилэр, ийэлэрин эҕэрдэлээтилэр.
Бу дьоро күн нэһилиэкпит Герой Ийэлэригэр, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын Ийэлэригэр болҕомто уурулунна Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыга Каратаев С.С. истиҥ эҕэрдэтин махталын биллэрдэ.Мантан салгыы сандалы тула олорон Ийэ мичээрэ конкурс, араас көрдөөх күрэхтэр, маассабай оонньуулар ыытылыннылар кэлбит ыалдьыттары минньигэс туордунан күндүлээтибит. Күндү Ийэлэр үөрүү-көтүү, истиҥ иэйии, таптал, эйэлээх олох эһиги олоххут арахсыспат аргыстара буоллуннар диэн алгыс тылларын аныыбыт.













