Поиск
Close this search box.

«Дьиэрэй, ырыам — тойугум» аҺаҕас норуот ырыатын толоруутун күрэҕин балаҺыанньата

Россия норуоттарын култуураҕа нэҺилиэстибэтин,Саха АССР тэриллибитэ 1️⃣0️⃣0️⃣ сыллаах үбүлүөйүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ, Бүлүү улууҺун Чулуу дьонугар, » Эйгэ» НАДь үбүлүөйдээх 1️⃣0️⃣0️⃣ сылларынан ыытыллар ТааҺаҕар нэҺилиэгин Үрүҥ Тунах ыҺыаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үлэ, Культура ветерана,ТааҺаҕар нэҺилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Осипов Павел Васильевич тус бирииҺигэр ыытыллар «Дьиэрэй, ырыам — тойугум» аҺаҕас норуот ырыатын толоруутугар күрэҕин балаҺыанньата

💠💠Буолар күнэ — дьыла: Бэс ыйын 2️⃣8️⃣ күнэ, 2️⃣0️⃣2️⃣2️⃣ сыл
💠💠Ыытыллар сирэ: ТааҺаҕар нэҺилиэгэ, «ТүҺүлгэ» сынньалаҥ парката
💠💠Саҕаланыыта: 1️⃣6️⃣ чаастан
💠💠Конкурс сыала — соруга:
— норуот ырыатын үйэтитии, тэнитии;
— кыттааччы толорор маастарыстыбаларын үрдэтии, өйөөҺүн
💠💠Күрэх ирдэбиллэрэ:
— кыттааччы 1️⃣8️⃣ сааҺыттан;
— биир норуот ырыатын толорор
— толорор бириэмэтэ хааччахтаммат;
— сахалыы музыкальнай инструмент доҕуҺуола көҥүллэнэр;
— Кыттыы иҺин хас биирдии кыттааччыттан — 2️⃣0️⃣0️⃣ солк.
💠💠Сыаналанар:
— толоруу таҺыма;
— куолаҺын кылыҺаҕа, чөллөркөйө;
— сценическай култуурата, доҕуҺуол дьүөрэлэҺиитэ
— Күрэххэ сайаапкаларгытын бэс ыйын 2️⃣6️⃣ күнүгэр диэри бэриллэр

💠💠💠Күрэх түмүгүнэн: 1️⃣, 2️⃣, 3️⃣ миэстэлэр олохтоноллор💠💠💠

Дата обновления страницы: 23.06.2022