Поиск
Close this search box.

ДОРУОБУЙА

Аҕам саастаахтар күннэринэн Бүлүү улууҺугар Доруобуйа сылынан ДОРУОБУЙА күнүгэр «Эйгэ» НАДь алтынньы 11 күнүгэр күнүс 3 чааска убаастабыллаах аҕам саастаахтарбыт муьуннулар.
Кинилэри специалист Христина Ивановна чакраны арыйарга, үҥкүү хамсаныыларынан эти — хааны уҺугуннарарга үөрэттэ.
Участковай терапевт Осипов Александр Дмитриевич профилактическай көрүү ыытан ыалдьыттары көрдө иһиттэ.
Уус- уран салайааччы Гульнара Павловна уонна библиотекарь Мартя Александровна остуол оонньуута ыытан уонна Арассыйаҕа Ааҕыы күнүнэн «Умсулҕаннаах ааҕыы» диэн поэт прозаик Иванов А.А.- Күндэ «Марба» кэпсээнин доргуччу аахтылар уонна саҥа кинигэ, сурунаал, хаҺыат уларсыыта тэрилиннэ. Норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ тэрийбит «Сылаас алаадьылаах, итии чэйдээх сандалы остуол»тула истиц кэпсэтии айылҕа бэлэҕиттэн хомуллубут эмтээх от чаайы, барыанньаны боруобалаан ыалдьыттарбыт оҕолуу үөрдүлэр.
Түмүккэ Доруобуйа күнүн үйэтитэн хаартыскаҕа түҺүү «Тыгын Дархан» киинэни көрүү буолла.
Аҕам саастаахтарбыт дуоҺуйа сынньанан үөлээннээхтэргитин кытта көрсөн, сэҺэргэҺэн, сэргэхсийэн бардылар.

Дата обновления страницы: 13.10.2023