Поиск
Close this search box.

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 6-12 күннэрэ.

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 6-12 күннэрэ.

Хой

Бу ыйга эн үтүө түмүгү ситиһэр кыаҕыҥ лаппа улахан. Табыллыы, ситиһии күүтэр. Онон, саҥа бырайыагы торумнаабыт, атын үлэҕэ көһөр баҕа баар түгэнигэр дьаархаммакка-куттаммакка быһаарыныаххын сөп. Марс, Юпитер планеталар үтүө харахтарынан көрөллөр. Дьэ, ол гынан баран ыгым, быһымах, ыксал-тиэтэл буолартан хайаан да туттун. Бу нэдиэлэҕэ үчүгэйдик былааннанан баран, 6-с чыыһылаттан олоххо киллэрэргэ ылсарыҥ ордук.

Оҕус

 

Бэйэҥ соҕотоҕун бүөмнээн сынньана, холкутуйа түһэриҥ ордук буолуоҕа. Ис туругу бөҕөргөтүнэргэ, медитациялыырга эйиэхэ сөптөөх күн-дьыл турар. Тапталлааххын кытта үп-харчы туһунан дьүүллэһэргэ табыгаһа суох кэм, өйдөспөт буолуу куттала улахан. Уопсайынан, үп кыһалҕатын быһаарарга ый иккис аҥаара ордук диэн сулустар этэллэр. Имиджкин уларытар, тугу эмэ атыылаһар баҕаҥ күүһүрүүһү.

Иигирэлэр

Дьиэ кэргэҥҥин, аймахтаргын кытары сыһыаҥҥа бу күннэргэ ураты болҕомтолоох, тулуурдаах буол. Кинилэрдиин уопсай үлэни – өрөмүөнү, күүстээх убуорканы ыытары – тохтото түһэр ордук. Бэс ыйын 1-5 күннэригэр урут кыаллыбатах кыһалҕаны быһаарарга тоҕоостоох кэм. Ону кыайдаххына, саҥа идиэйэлэргин олоххо киллэрэриҥ ириэнэх арыыны быһар кэриэтэ судургутуйуо. Көхтөөх сынньалаҥ, айан, саҥа билсиһии үтүө өттүнэн дьайыа.

Араак

 

Күүс-кыах, доруобуйа да туруга мөлтөөбүт курдук сананыаххын сөп. Ол гынан баран, ол түмүгэр ис дуу, тас дуу хааччаҕы төлө көтүү кыаллар нэдиэлэтэ тосхойдо. Көҥүл тыына илгийэрэ субу кэллэ. Урут сананыаххын да куттанар дьыалаҕын кыайар кыахтаныаҥ. Чугас аймаххыттан ким эрэ өйүүрэ наада. Кинилэргэ эмиэ эн өйөбүлүҥ ирдэнэрин умнума. Элбэҕи ситиһэргэ тэтимириэх тустааххын. Сылаалааҕа туох буолуой, төлөбүрэ да ботуччу буолуо.

Хахай

Сэрэдэ, чэппиэр күннэргэ уу харчыгын эрэллээх сиргэ уура сырыт. Бу кэмҥэ улахан атыыны-тутууну ыытартан, иэс биэрэртэн, ордук доҕотторго, туттунар ордук. Бэчэрииҥкэни да бу нэдиэлэҕэ көтүтүөҥ этэ. Хаарыан сыһыаны буортулуур куттал баар. Көмө наада түгэнигэр олох эрэллээх партнердаргар, кэллиэгэлэргэр эрэ таҕыс. Бу күннэргэ саҥа билсиспит киһиҥ кэнэҕэһин олус туһалаах буолуон сөп.

Кыыс Куо

Эйигиттэн билигин күүстээх санаа, быһаарыныы ирдэнэр. Табах, арыгы курдук куһаҕан дьаллыкка ылларбыт түгэҥҥэр босхолонор туһунан толкуйдаа. Ый саҕаланыыта сыыһа дьаһаммат гына, барыга бары ураты болҕомтолоох буол. Көтүмэх сыһыан хаһан да үтүөҕэ тиэрдибэт. Дьэ, оттон 6-с чыыһылаттан саҕалаан, ый устата карьераны оҥосторго, салалтаны бэйэ тылыгар киллэрэргэ, саҥа дьыаланы саҕалыырга бэртээхэй кэм буолуоҕа.

Ыйааһыннар

Кыыһырса сылдьыбыт, өйдөспөт түгэн күөрэйбит ыалыгар бу нэдиэлэҕэ эйэлэһэр, уопсай тыл булар кыах лаппа улаатар. Айан-сырыы табыллыыһы. Ыраахтан сылдьар уонна сууту-сокуону кытта бэрдэ суох сыһыаннаах дьонтон дьалты тутун. Аат-суол алдьанара бэрт кэбэҕэс. Ылсыбыт дьыалаҕар эппиэтинэстээх буол. Бу ыйга элбэх уларыйыы тахсар чинчилээх.

Скорпион

Сулустар доруобуйаҕын бөҕөргөтүнэргэ сүбэлииллэр. Быраастарга көрдөрүнэн, диагноһы быһаартаран, эмтэниини саҕалыыр ордук. Дьиэ кыылын ылыныан санааччыларга, дьэ, сөптөөх кэм. Үлэҕэ, биисинэскэ – барыта этэҥҥэ. Үп чааһа да куһаҕана суох. Тугуҥ эрэ тиийбэт курдук сананнаххына, дьиэҕин-уоккун өрө тарт, сууй-сот. Үтүө уларыйыы сибикитэ биллэр.

Охчут

Таптал, ыал сыһыанын өттө – туох да ааттаах үчүгэй. Кыыһырсыбыт да буоллаххытына, эйэлэһиэххит. Бэйэ бодону кыана туттар наада. Кыра аайы кыйыттыма. Ким эрэ тапталга билиниини истиэ. Табыллар нэдиэлэҥ. Дьону аҥаардастыы кириитикэлиир, сыыһаларын-халтыларын көрдүүр наадата суох. Төһөнөн кинилэргэ болҕомтолооххун, кинилэр эмиэ оннук сыһыаннаһыахтара

Чубуку

Эйигин үүйэ-хаайа туппут кыһалҕалар сотору быһаарыллыахтара. Үлэҕэр көхтөөх буол. Элбэх бириэмэбин ылар диэн муҥатыйыма. Суолталаах үлэһит буоларгын сэмэй соҕустук көрдөрөртөн кыбыстыма. Иллэҥсийдиҥ да, дьиэни-уоту бэрээдэктииргэ сөптөөх кэм. Хаһаайыстыба, ыал боппуруостара судургутук кыаллыахтара. Аһыыр аскар болҕомтолоох буол.

Күрүлгэн

Тапталга ылларбыт күрүлгэннэр соһуччу үөрүүнү толкуйдуур, бэлэхтиир баҕалара улаатыа. Ол – иэйии бөҕөргүүрүгэр, саҥалыы тыыннанарыгар көмөлөһүө. Соҕотох күрүлгэннэргэ эмиэ быстах да буоллар романтикалаах сыһыан баар буолсу. Сэргэх айаҥҥа, сонун билсиһиигэ сөптөөх кэм. Уопсастыбаннай, көннөрү да үлэ чааһа – үчүгэй. Элбэҕи эрэннэрдэхтэринэ, олус итэҕэйимэ, бэйэ кыаҕар суоттаммыт көнө.

Балыктар

Элбэх сүүрүүлээх-көтүүлээх гынан баран, бэртээхэй нэдиэлэ үүннэ. Карьераны тупсарары ыралыыр түгэҥҥэр, ситиһиини илиититтэн сиэтэр кыах эйиэхэ бэриллэр. Үтүө, аламаҕай сыһыаныҥ үлэҕэ күөрэйэр сытыы түгэннэри холкутук намыратыа. Дьиэ кэргэниҥ сылаас сыһыаны эрэйэрин умнума. Соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтэххинэ, ил-эйэ олохсуйуо, тыынар салгынныын холкутуйуоҥ. Өр ыралаабыккын атыылаһар кыах үөскүүһү.

 

 

Дата обновления страницы: 06.06.2022