Поиск
Close this search box.

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 13-19 күннэрэ.

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 13-19 күннэрэ.

Хой

Туһалаах билсиһии табыллар нэдиэлэтэ. Быһаарыныылаах уонна көхтөөх буол: халтайга хаалыа суоҕа. Суолталыыр дьоҥҥун өйөө. Өрөбүллэргэр чугас дьоҥҥор болҕомтолоох буол. Ыра санааны ылынаргар, онтуҥ туолар кэмигэр бэлэмэ суох буолбат гына үчүгэйдик толкуйдаа. Муҥутуур сүрүнэ диэбиккэр болҕой, оччоҕо барыта табыллыа. Өй-санаа өттүнэн уустугурдаххына, сүбэ ылар доҕоттордооххун.

Оҕус

 

Дьыалабыай сыһыаҥҥа күүскүн-күдэххин харыстаама. Биир идэлээхтэриҥ эйигин өйүүллэр. Салалтаҥ дьаныаргын бэлиэтии көрүө, бэл, үбүнэн өйүүр туһунан санаа киириэх курдук. Сонун дьарыкка интэриэстэнэн, онно оройгунан да түстэххинэ, киһи соһуйбат. Бу бээтинсэҕэ – эн табыллар күнүҥ! Өрөбүллэргэр дьиэ кэргэҥҥин, чугас дьоҥҥун кытта буол. Холкутук сынньан.

Иигирэлэр

Эн тугу баҕараргын ситиһэргэр Дьылҕа Хаан бэйэтинэн көмөлөһөр. Наадалаах көрсүһүүлэри былааннаа. Төһөнөн көхтөөххүн, дьулуурдааххын – соччонон үгүһү ситиһиэҥ. Тугу эрэ саарбаҕалыы санаатаххына, чопчулаһартан кыбыстыма. Бу нэдиэлэҕэ тапталга, атын дьыалаҕа да ситиһии күүтэр. Сулумах Игирэ тапталга билиниини истиэн сөп. Чэппиэр – табыллар күнүҥ.

Араак

Олус түбүгүрэриҥ, уйулҕаҥ күүрбүтэ харахха быраҕыллар. Олус харбыалаһыа суох этиҥ. Сүрүн-сүрүнүгэр эрэ күүскүн уур. Хаачыстыбаҕа тардыс, үтүө уларыйыы күүттэриэ суоҕа. Иккис өттүттэн, карьераны тупсарынарга сөптөөх кэм. Материальнай балаһыанньа тупсар кыахтаммыт. Дьиэ кэргэҥҥиниин сынньан, доҕотторгунуун көрүс. Оҕолоргунуун сыһыан тупсуоҕа.

Хахай

Олоҕуҥ бары араҥатыгар үтүөнэн дьайар уларыйыы буолсу. Үчүгэй сонуну истииһигин. Кимиэхэ эрэ үлэ наадатынан, олорор сири уларытар наада тириэн сөп. Генеральнай убуорканы ыытарга, туһата суох бөхтөн-сыыстан ыраастанарга тоҕоостоох кэм. Оччотугар санаалыын чэпчиэҥ. Көмө көрдөөн кэллэхтэринэ, аккаастаама. Айылҕалыын алтыс. Бээтинсэ – ситиһиилээх күн .

Кыыс Куо

Табыллар нэдиэлэҥ. Таайан көрөр дьоҕургун эрэн. Суолталаах быһыы-майгы эбэтэр бэлиэ сонун күүтэр. Үлэҕэр кытаат, төлөбүрэ да куһаҕана суох буолуо. Доҕор-атас, кэллиэгэ көмөтө бу күннэргэ суолталаах. Олох-дьаһах өттүгэр бытаарыы көстөр да, кэм-кэрдии бу нэдиэлэнэн бүппэт. Кыаллыбатаҕына, кэнникигэ да көһүөн сөп. Доҕотторгун, дьиэ кэргэҥҥин кытта даачаҕа, ыраас салгыҥҥа сырыт, пикниктээ.

Ыйааһыннар

Суолталаах быһаарыыны ылыннаххына эрэ, табыллар түгэниҥ үөскүөх курдук. Онуоха ситэ толкуйдаабакка, быһымахтык быһыыланыма. Доҕотторгуттан биитэр кэллиэгэлэргиттэн сүбэ, көмө көрдүүртэн кыбыстыма. Сыыйа ситиһии бэйэтинэн сиэтиллэн кэлиэ. Улахан тиритиитэ-хорутуута суох барыта бэйэтэ бэйэтиттэн тахсан, табыллан иһиэ. Үп-харчы боппуруоһугар даҕаны куһаҕана суох. Санаа, турук – үчүгэй.

Скорпион

Тус олоҕу тосту уларытарга быһаарынарыҥ чугаһаатар чугаһыыр. Бэйэ үтүөтүн уонна кыаҕын киэҥ эйгэҕэ биллэрэр кэм кэллэ. Үлэҥ таһаарыылаах, төлөбүрэ да бэртээхэй буолар чинчилээх. Мэһэйдиир, туорайдыыр дии саныыргыттан босхолонон. Эбии дохуоттанары толкуйданарга табыгастаах кэм. Тапталлааххыныын элбэхтик алтыстаххына, кыайар-хотор баҕаҥ күүһүрүө. Өрөбүл – атыылаһарга табыгастаах күнүҥ.

Охчут

Үлэ эрэ үгүс да, эн чаҕыйбаккын! Идэ чааһыгар үрдүүргэ-үүнэргэ, үп өттүнэн кыаҕырарга эппиэтинэстээх кэм. Саҥа дьоннуун алтыһыы, дьыалабыай айан туһалыа, кэскиллээх саҕаҕы арыйыа. Дьыалабыай эйгэҕэ табыллыбат курдук санаммытыҥ, эрэллээх доҕор күөрэйэн, уустук балаһыанньаттан таһаарыа. Хас да сиргэ тэҥинэн кыттар наадата көстөр. Сөпкө быһаарыннаххына, ону холкутук кыайыаҥ.

Чубуку

Эйиэхэ көрсүһүү, араас түгэн, түбүк да элбэх. Онон, сылайбыт да курдук буолан ылыаҥ. Ураты болҕомтолоох буол, күүскүн-кыаххын аттаран туһан. Баараҕай былааҥҥын олоххо киллэрэр кыах көстөр. Бээтинсэ диэки кыһалҕа бэркэ диэн быһаарыллан, баҕарбытыҥ баар буолуо. Ыал дьоҥҥо сулустар кэрэ кэми түстүүллэр. Өрөбүллэргэ үтүө сонунун истиэҥ. Буолар уларыйыыга холкутук сыһыаннас. Кыыһырсыыны күөртээмэ, эйэни тутус.

Күрүлгэн

Карьера тупсарыгар тоҕоостоох кэм. Эбии үп-харчы, туһалаах этии киириэх курдук. Оҥоруохтааххын холкутук бүтэрэ-оһоро сырыт, бэлиэ түгэн күүттэриэ суоҕа. Барыта эн туһаҕар буолуо. Туора дьон сүбэтин бу күннэргэ истибэтиҥ ордук. Сынньалаҥ күннэргэр дьиэлээхтэргин үөрдэр гына, соһуччу үөрүүлээх түгэни (сюрприһы) бэлэмниэ этиҥ. Дьоннуун алтыһартан туора туттума.

Балыктар

Күүһүҥ-күдэҕиҥ, дьаныарыҥ алтыһар дьоҥҥор тиийэ бэриллииһи. Баҕа санааны ситиһэр ухханыҥ, дьулууруҥ кэмниэ-кэнэҕэс ыралыыр түмүккэр тиэрдэр кэмэ чугаһаабыт. Онуоха доҕотторуҥ, чугас дьонуҥ көмөлөрө туһалыа. Өрөбүлгэ чуумпуран, чугас эргин кэмнээҕини былааннаа. Тус кистэлэҥи арыйарга тиэтэйимэ. Сорох өйдүө суоҕа, сорох ордугургуо. Эйэ дэмнээх сыһыаны тутус. Дьиэ кыылын ылар баҕалаахтарга, оруобуна сөптөөх кэм.

 

Дата обновления страницы: 13.06.2022