Поиск
Close this search box.

Гороскоп Бэс ыйын 1-5 күннэрэ.

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 1-5 күннэрэ.

Хой

 

Уустук түгэннэр да үөскээтэхтэринэ, ыһыктынан кэбиһимэ. Кыайыаҥ. Көмө көрдүүртэн толлубат куолу. Бу нэдиэлэҕэ саҕалаабыт дьыалаҕар сыһыаннаах дьоннуун кэлин доҕордуу сыһыан да үөскүөн сөп. Туохха барытыгар бэйэҥ бастакы хардыыны оҥор. Саҕалаабытыҥ үтүө түмүктээх буоларыгар эрэн. Сулустар эн диэкилэр. Сыыстарбат гына таҥын. Тыыныы эрчиллиилэрин оҥор. Табыллар күнүҥ – субуота. Чэппиэр – соччото суох.

Оҕус

 

Дьыала-куолу тардыллыыта, эрэннэриллибит туолбата бу күннэргэ балай эмэ көстөр. Ол эрээри барытын олус чугастык ылымматыҥ көнө этэ. Бэл, халлаан былытырар. Сүрүнэ, күүстээх санаа наада. Оччотугар кыаллыбат да кыаллар. Тулуурдаах уонна сэрэхтээх буол. Ордук үп дьыалатыгар. Сэрэхэдийэр түгэҥҥэр батынарыҥ ордук. Санааҥ сытар дьарыгар ылсан, сынньана түһэриҥ туһалыа. Арыылаахтан, кыраадыстаах утахтан тэйиччи сырыт.

Игирэлэр

 

Саҥа үлэни дуу, эйиэхэ олус табыгастаах бииргэ үлэлэһиини дуу эрэннэрэр этии киириэн сөп курдук. Таайан көрөр ис дьоҕургун эрэн. Уруккуттан билсэр дьонуҥ эрдэ ылыммыт сыалгын-соруккун толорорго туһалыахтарын сөп. Үөрэнэргэ, киирбит иһитиннэриини ырытан көрөргө, саҥаны тобуларга туох да ааттаах күн-дьыл. Айар үлэҕэ таһаарыылаах кэм. Интэриэһинэй дьоннуун билсиһии көстөр. Аллергиялыыртан сэрэниҥ.

Араак

 

Сүүрүүлээх-көтүүлээх нэдиэлэ. Хантан саҕалыаххын да бутуллан ылыаххын сөп, олох ыгылыйыма, кичэйэн толкуйдаа. Ол эйиэхэ сөптөөх быһаарыыны ыларгар көмөлөһүө. Ордук үпкэ, баайга-дуолга сыһыаннаахха болҕомтолоохтук сыһыаннас. Харчыны ханна эрэ кутуох иннинэ, толкуйдуур, анаарар куолу. Эрэнэр дьоҥҥор сүбэлэт. Кыратык сынньана түһэргэр бириэмэҕин кэччэйимэ.

Хахай

 

Тиэтэл-саарал быыһынан үлэлээмэ, хаарыан кэми халтайга ыытыаҥ. Ол оннугар толкуйдаан, олохтоохтук дьаһан – быдан элбэҕи ситиһиэҥ. Эбии харчы киллэринэр кыах улахан курдук. Саҥа үлэҕэ да ыҥырдахтарына көҥүл. Ол туһунан толкуйдаммытыҥ ырааппыт – туттумахтас. Туох эрэ саҥаҕа, сонуҥҥа ылыстаххына, табыллыаҥ. Уот, тырааныспар чааһыгар сэрэхтээх буол. Үлүбүөй эми, арыгыны иһимэ.

Кыыс Куо

 

Биир санаалаахтаргыныын, билсиилээхтэргиниин алтыһаргар үтүө күннэр тураллар. Үтүө өйдөбүлү биэрэр кыах күүһүрбүт. Үөрэххэ ситиһии күүтэр. Урут уустугурдубуккун, ситэ өйдөөн быстыбатаххын таах хаардыы хаамар туруктааххын. Көрсөр-кэпсэтэр үлэлээх дьон, ордук табыллыаххыт. Тылгар киллэрэриҥ судургутуйар. Ол да буоллар үпкэ болҕомтолоох буолуҥ. Көҥдөй ороскуотуруохха сөп.

Ыйааһыннар

 

Тыл-тылга киирсибэт түгэн күөрэйэн ылыан сөп. Санааҕын ууран, кыһамньыгын киллэрдэххинэ, ону этэҥҥэ ааһар кыахтааххын. Үлэҕэр, дьокумуоннарга олус болҕомтолоох буол. Чуолаан бу иннинэ дьарыктамматах чааһыҥ буоллаҕына. Сыыһан баран муҥатыйыах кэриэтэ, уопуттаах дьонтон сүбэлэппит ордук. Чугас киһигин кытары сыһыаныҥ тупсар, хоргутуу-хомолто баар эбит да буоллаҕына, кэбэҕэстик умнуллар.

Скорпион

 

Дьону кытта элбэхтик алтыһыы, санаа атастаһыы эйиэхэ эргиччи туһалаах нэдиэлэтэ турар. Дьон үтүө сыанабылын ыларыҥ кэбэҕэстик кыаллыа. Үлэ да бэртээхэй. Ол да буоллар үлэнэн олус үлүһүйүмэ, ыгылыйар-ыксыыр түгэнтэн дьалты тутта сатаа. Сэниэ-күүс эбинэргэ дьулус. Чөл олоҕу тутус. Дьону кытта сыһыан бэйэҥ наһаалаабатаххына, этэҥҥэ буолуо. Куртах, оһоҕос ыалдьыбатын курдук дьаһан.

Охчут

 

Сыыһаны-алҕаһы көннөрүнэргэ туох да ааттаах нэдиэлэ. Сыалы-соругу толорор кыах бычыахтыыр. Судаарыстыба тэрилтэлэригэр сырыы, докумуону толорторуу табыллар кэмэ. Туох эмэ табыллыбат курдук буоллаҕына, дьулуургун, санааҕын толору уур. Чугас дьонуҥ эйиэхэ көмөлөһөргө бэлэмнэр. Үп-харчы чааһа бэрт буолсу. Уугун тото-хана утуйарга кыһан. Өрөбүллэргэ айан табыллыа.

Чубуку

 

Тылгар-өскөр болҕой, толкуйдуу-толкуйдуу саҥар. Өһүргэнии, кыраттан кыыһырсыы, өйдөспөт буолуу куттала улааппыт. Ол оннугар күүскүн үлэҕэ-хамнаска, биисинэскэ туһаай. Таайан көрөр ис дьоҕургар тирэҕир. Ол кыаллыбатах да кыалларыгар көмөлөһүө. Үп-харчы чааһыгар оттомноохтук, толкуйдаан дьаһан. Оччотугар ситиһии да баар буолуо. Холкутуйарга салгыҥҥа элбэхтик сылдьыы, дьалхаантан тэйиччи туттуу көмөлөһүө.

Күрүлгэн

 

Дьыала тардыллыыта, кыра итэҕэс-быһаҕас ханна барыай. Ол эрээри тоҕоостоох кэмигэр сөптөөх сүбэ-соргу бэриллэн, араас албаска, отуойкаҕа олорбоккор көмөлөһөр кыаҕа улахан. Иккис өттүттэн, бэйэ кыаҕар эмиэ эрэнэр куолу. Тэрээһин боппуруоһа, докумуону толорторуу табыллар туруктаах. Партнердары, үлэнэн хааччыйааччыны кытта уопсай тылы кэбэҕэстик булуоҥ. Дьикти билсиһии баар буолуон сөп.

Балыктар

 

Ыгылыйар, ыксаан ылар түгэн ончу суох буолуо диир кыаллыбат. Былаан тохтуон, санаабыккыттан атыннык тахсыан сөп. Ол аайы ыһыктыммат куолу, күүстээх санаалан. Оччоҕо барыта табыллан, ситиһии сиэтиллэн иһиэ, өйдөспөт түгэн ырааҕынан тумнуо. Урукку сибээстэри чөлүгэр түһэрэр кыах улахан. Суолталаах кэпсэтиигэ эрдэттэн бэлэмнэн. Уһун кэмнээх былааны ылынарга тоҕоостоох кэм. Дьонтон олус элбэҕи ирдээмэ.

Дата обновления страницы: 02.06.2022