Поиск
Close this search box.

ГОРОСКОП. Балаҕан ыйын 19-25 күннэрэ

ГОРОСКОП: Бэс ыйын 13-19 күннэрэ.

Хой

Бу нэдиэлэни быһа хойдор сынньалаҥҥа, көргө-нарга, романтикаҕа уйдаран сылдьар былааннаахтар. Чахчы, дьиэ кэргэн ханнык да кыайтарбат кыһалҕата, суһал үлэ-хамнас суох буоллаҕына, ол барыта кыаллыан сөп. Сынньалаҥ, айар үлэ, таптал, ыраах айан… Өскөтүн хой кэргэннээх буоллаҕына, бу нэдиэлэҕэ дьиэ иһинээҕи сыһыана уустугурар кутталлаах. Онон, дьиэ кэргэн иннигэр эппиэтинэһи өйдөөн, тулуурдаах буолар наада.

Оҕус

Олорор дьиэҕин-уоккун тупсарар туһугар күүскүн-кыаххын барытын түмэриҥ ирдэнэр. Дохуотуҥ улаатан, наадалаах малы-салы атыылаһыаҥ. Сырдатар тэрил, лаампа, хартыына, сибэкки, киэргэл ылан дьиэҥ көстүүтүн тупсар. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыаҥҥыт – ааттаах. Ол иһин ханна да сылдьыаххын, дьиэҕиттэн тахсыаххын баҕарбаккын. Дьиҥинэн, бу — ыалдьыттары көрсөргө олус бэрт кэм этэ… Бу нэдиэлэ сүрүн кыһалҕата – доруобуйа туруга.

Игирэлэр

Дьону-сэргэни кытта алтыһыаххын олус баҕараҕын. Тулалыыр дьоҥҥо истиҥ иэйиинэн тобус-толоругун. Өскөтүн кими эмэ кытта бэрдэ суох сыһыаннаах буоллаххына, билигин эйэлэһэргэ саамай тоҕоостоох кэм. Ону эн бастакынан саҕалаа, анараа киһиҥ ону үөрэ-көтө ылыныа. Тапталга, истиҥ иэйиигэ ыбылы куустаран сылдьар игирэлэргэ бу бэрдэ суох кэм. Олус үчүгэйдик, истиҥник саҕаланан испит сыһыан тымныйан хаалыан сөп.

Араак

Чуумпуга соҕотоҕун олорон уоскуйуоххун, налыйыаххын баҕараҕын. Туох да мэһэй, тардылык суох буоллаҕына, куруорка, сонотуоруйга сынньана бар. Айылҕаҕа сылдьан кутуҥ-сүрүҥ сынньаныа. Кинигэни аах, медитациялаа, аан дойду кистэлэҥнэрин үөрэт. Ити чааһыгар бэрт элбэҕи билэр, хараҕыҥ аһыллар чинчилээххин. Ол эрээри, төрөппүттэргин, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыаҥҥа кэккэ уустуктар үөскүөхтэрин сөп.

Хахай

Доҕотторгун кытта сыһыаныҥ күүһүрэн, тэтимирэн кэлиэ. Ханнык эрэ уопсай бырааһынньыкка, көргө-нарга ыҥырыахтарын сөп. Онно хайаан да сырыт. Быһата, бу нэдиэлэҕэ дьону кытта элбэхтик кэпсэт, алтыс, уопсастыбаҕа сырыт. Ол кыаллыбат буоллаҕына, интэриниэтинэн, социальнай ситимнэринэн да буоллун… Үүт-үкчү бэйэҥ курдук санаалаах дьону кытта булсар кыах үөскүө. Элбэх мөккүөр, кырдьыгы дакаастааһын күүтэр.

Кыыс

Улаханнык саҥарбакка кистээн оҥорор буоллаххына, бэрт элбэҕи ситиһиэххин сөп. Санааҕын кимиэхэ да кэпсээмэ. Төрөппүттэргин, ытыктыыр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥын тупсараргар тоҕоостоох кэм. Суут-сокуон дьыалатыгар, үп-харчы боппуруоһугар туох эрэ кыһалҕалаах буоллаххына, “үрдүк өһүөлээх” доҕотторуҥ ону барытын  быһаарыахтара. Кинилэр итэҕэллэрин түһэн биэримэ, өрө баран иһимэ.

Ыйааһын

Ону-маны, саҥаны билиэххин-көрүөххүн баҕарар буоллаххына, ханна эрэ ыраах айаҥҥа бар. Уопсайынан, ханна эрэ саҥа сиргэ барарыҥ, сонун дьону көрөрүҥ бэйэҕэр туһалаах буолуо, дууһаҥ уоскуйуо. Ол эрээри, барар-кэлэр сырдык былааннаргын күннээҕи дьиэ-уот кыһалҕата мэһэйдиэн сөп. Ону кыйахаммакка, кыһыыгын-абаҕын атын дьонунан таһаарбакка быһаара сатаа, ол кыаллыаҕа. Ол кэннэ дьэ ол ыраламмыт айаҥҥар барыаххын сөп.

Скорпион

Доруобуйаҕынан моһуогурар чинчилээххин. Санааҕар, ким эрэ эйигин соруйан ыарытарын, мэһэйи үөскэтэ сатыырын курдук өйдөбүл үөскүө. Уопсайынан, бэйэҕэр эрэлиҥ намыраан, уйулҕаҥ олус сатарыйан, тугу сөпкө-сыыһа оҥороргун араарбат турукка сылдьар курдуккун. “Дьиҥнээх” скорпионнар тапталга-имэҥҥэ дьулуурдара муҥутаан турар кэмэ. Кинилэр бэйэлэринээҕэр үрдүк статустаах, балаһыанньалаах дьону кытта “чугасаһар” чинчилээхтэр.

 

Охчут

Ыал охчуттар кэргэннэрин кытта сыһыаннара, өйдөһүүлэрэ муҥутуурдук тупсуо. Санааҕар, сүрэҕиҥ аҥаарын кытта үөһэттэн бииргэ буоларга ананан төрөөбүт дьон курдуккут. Урукку иирсээни, кыыһырсыыны барытын быһаарсан кэбиһэр ордук. Оттон айымньылаах үлэҕэ бу нэдиэлэ букатын барсыбат. Оҕолоруҥ тугу гыналларын кыраҕытык көрө сырыт. Доҕоттору кытта сыһыаҥҥа кыыһырсыы, адаарыһыы күүтэр.

Чубуку

Доруобуйаҕар улахан болҕомтону уур, көрдөрүн. Бу кэмҥэ этиҥ-хааныҥ барыта күүскэ турунан, буулуу-киирэ сатыыр ыарыыны барытын киэр кыйдаан олоххун чэпчэтиэ. Дьиэлээхтэргэр уонна кэллиэгэлэргэр аһара өсөһүмэ, бириинсиптэһимэ, сымнаан биэр. Туох эрэ кыайтарбатах буоллаҕына, онтон аһара ньиэрбинэйдээмэ, төбөҕүн истиэнэҕэ үлтү сынньыма. Тохтуу, сынньана түс, ол барыта сотору ааһыа.

Күрүлгэн

Тапталга, дьиэ кэргэн сыһыаныгар – уу-нуһараҥ кэм. Таптаһар дьону наһаа элбэх үөрүүлээх, истиҥ-иһирэх долгуйуу, сюрприз күүтэр. Сыһыаҥҥыт өссө ыкса буоларыгар дьоһун хардыы оҥоһуллуо. Ыал күрүлгэннэр да оннук иэйииттэн матыахтара суоҕа. Этэргэ дылы, таптал “иккис тыына” киириэ. Ол эрээри, уулуссаҕа сылдьан массыынаттан сэрэхтээх буол, суол быраабылатын эҥкилэ суох тутус.

Балыктар

Наһаа элбэх дьиэ-уот түбүгэ күүтэр эрээри, эн онтон дуоһуйууну эрэ ылыаҕыҥ. Тулаҕын барытын сааһылыаххын, бэрээдэктиэххин баҕараҕын. Ол сааһылаатаҕыҥ аайы дууһаҥ эмиэ ырааһыран, чэбдигирэн иһиэ. Ону дьиэ кэргэниҥ эмиэ өйүө, өйдүө. Даачаҕа үлэлииргэ, оҕуруот үлэтин үмүрүтэргэ үчүгэй кэм. Ол эрээри үлэ барыта бу нэдиэлэҕэ кыайтарыа суоҕа. Быһата, туох барыта аһара бэрт буолуоҕун, арай, харчы кэмчитэ атахтыыр. 

Дата обновления страницы: 20.09.2022