Поиск
Close this search box.

Бэс ыйын 9 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Бэс ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 160-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 161-c күнэ). Сыл бүтүө 205 күн баар.

1945 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар. Бу 1941 сыллаахха саҕаламмыт Аҕа дойду улуу сэриитигэр олохторун толук уурартан да кэрэйбэккэ, Кыайыы туһугар хорсуннук турууласпыт саллааттарга анаммыта.

Бу күн Арассыыйа Илин (импиэрийэтин) баһылыга, Романовтар династияларын бэрэстэбиитэлэ, 1682 сылтан Москуба судаарыстыбатын ыраахтааҕыта, 1721 сылтан — Арассыыйа импиэрийэтин бастакы импераатора. Арассыыйа историографиятыгар сүҥкэн оруоллаах диэйэтэл быһыытынан биллэр Бүөтүр I 1672 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, 1725 өлб.

  •  ХНТ: Аккредитация күнэ. Бу күнү араас табаардарга сэртипикээт иҥэрэр лабораториялар үлэлэрин таһымыгар болҕомто уураары ХНТ Генеральнай Ассамблеята олохтообута. Сыала-соруга: биирдэ тургутуллубут табаар аан дойду үрдүнэн билинниллиэхтээх, хос тургутууну ааһыа суохтаах.
  •  ХНТ — Архыыптар аан дойдутааҕы күннэрэ.
  •  ХНТ — Доҕордоһуу күнэ.

Түбэлтэлэр

  • 68 сыл — 14 сааһыттан импиэрийэни салайбыт Рим импэрээтэрэ 30 саастаах Нерон бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Төрүөтүнэн сенат кинини «дойду өстөөҕүнэн» биллэриитэ буолбут. Бу кэнниттэн Римҥэ кылгас кэмҥэ гражданскай сэрии саҕаламмыта, бу кэм устуоруйаҕа Түөрт Импэрээтэр сыла диэн ааттанар.
  • 747 — Аббасидтар өрө туруулара: Хорасан күбүрээтэрэ Абу Муслим Омейядтар утары аһаҕастык өрө турбут. Бу өрө туруу түмүгэр Дамааскайга кииннээх Омейядтар династиялара сууллубута, былааска Аббасидтар кэлбиттэрэ, импиэрийэ киин куоратынан Багдаад буолбута. Бу өрө туруу төрүөтүнэн арааб төрүттээх Омейядтар атын төрүттээх мусульмааннары бэйэлэригэр тэҥнээбэттэрэ, кинилэри кытта булкуһары бобуулара буолбута. Импиэрийэ атын итэҕэллээхтэрэ эмиэ өрө турууну өйөөбүттэрэ.
  • 1534 — Франция айанньыта Жак Картье Хотугу Америка кытылын чинчийэн Сиб. Лаврентий өрүһүн арыйбыт уонна бу сири «Канадалар дойдулара» диэн ааттаабыт.
  • 1815 — Венатааҕы кэнгириэс түмүктэммит, манна Наполеон сэриилэрин кэннилэриттэн Европа дойдуларын ыккардыларыгар саҥа бэрээдэк олохтоммута.
  • 1719 — Пётр I күбүөрүнэлэри провинцияларга уонна уйуостарга араарбыт.
  • 1739 — Хотугу Муустаах далай кытылын чинчийбитинэн биллибит Харитон Лаптев Дьокуускайтан хоту аттаммыт.
  • 1781 — Джордж Стефенсон (1781—12.08.1848) төрөөбүт, Англия айааччыта, бастакы паровозтартан биирдэстэрин туппут, бастакы уопсастыбаннай тимир суолу (Дарлингон — Стоктон) туттарбыт киһи.
  • 1922 сыл бэс ыйын 9-10 күннэригэр Арҕаа Хаҥалас Төхтүрүгэр кыһыллар уонна үрүҥнэр ыккардыларыгар улахан суолталаах кыргыһыы буолбута. Түмүгэр бастаанньыстар соҕуруу бөлөхтөрө ыһыллыбыта, кыһыл Дьокуускайга соҕурууттан суоһуур куттал суох буолбута.
  • 1945 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Варшаваны босхолооһун иһин», «Берлиини ылыы иһин», «Кенигсбери ылыы иһин», «Прааганы босхолооһун иһин» мэтээллэр олохтоммуттар.
  • 1948 — ЮНЕСКО эгидатынан Архыыптар аан дойдутааҕы сүбэлэрэ олохтоммут.
  • 1986 — Михаил Горбачёв Венгрияҕа сылдьан «Демократияны элбэтиэххэ, социализмы элбэтиэххэ» диэн луоһуну эппит.
  • 1994 — Казахстаан бэрэсидьиэнэ Нурсултан Назарбаев киин куораты Алма-Атааттан Акмолаҕа көһөрбүт (сэбиэскэй кэмҥэ Целиноград, 1998 сылтан — Астана, 2019 сылтан — Нур-Султан).
  • 1995 — Украина бэрэсидьиэнэ Леонид Кучма уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Черноморскай флоту араарар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
  • 1999 — Косово сэриитэ: Югославия уонна НАТО эйэ сөбүлэҥин түһэрсибиттэр. Бу кэнниттэн Югославия сэриилэрэ Косовоттан тахсан биэрбиттэрэ.
  • 2000 — Владимир Путин Чечняҕа быһаччы бэрэсидьиэн салайыытын киллэрбит.
  • 2019 — Казахстааҥҥа уочарата суох бэрэсидьиэн быыбара буолбут, Касым-Жомарт Токаев кыайбыт.
Дата обновления страницы: 09.06.2022