Бэс ыйын 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 159-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 160-c күнэ). Сыл бүтүө 206 күн баар.
- ХНТ: Далай аан дойдутааҕы күнэ. 2022 сыллааҕы тиэмэтэ — «Барҕарыы: Далай туһугар бары бииргэ». Далай киһи уонна атын харамайдар төрдүлэрэ буоларын кэрэһилиир.
- Арассыыйа — Социальнай үлэһит күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 452 — Аттила салалталаах гууннар аармыйалар Италияҕа киирбит, хотугу провинциялары урусхаллаабыт, Рим куорат диэки дьулуспут[3].
- 793 — Викиҥнэр бастакытын Скандинавияттан устан тиийэн Англияҕа байҕал кытылыгар баар манастыыры халаабыттар. Бу түгэн икки үйэ уһуннаах викинг эпохатын саҕаланыытынан ааҕыллар.
- 1783 — Исландияҕа Лаки вулканын аҕыс ыйдаах эстиитэ саҕаламмыт. Вулкантан тахсыбыт дьааттаах газ сүөһү аҥаарын өлөрбүт, ону кытары мэччирэҥ үксэ күлүнэн бүрүллүбүт. Бу кэннэ сэттэ сыллаах сут буолбутугар олохтоох дьон 20 бырыһыана хоргуйан, ыалдьан өлбүт.
- 1815 — Польша саарыстыбатыгар Конституция ылыммыттар.
- 1824 — Канада Квебегиттэн сылдьар Ноа Кашинг таҥас сууйар массыынаны патеннаабыт.
- 1869 — Чикаготтан сылдьар Айвз Макгаффни пылесоһу патеннаабыт.
- 1883 — Москубаҕа Устуоруйа түмэлэ аһыллыбыт. Дьиэтэ Кыһыл болуоссакка уон сыл тутуллубут.
- 1920 — Карел үлэһит коммуната үөскээбит — РСФСР иһинэн уобалас бырааптаах тэриллии. 1923 сыллаахха Автономиялаах Карел Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтэ буолбута. Бу күн Карелия Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит күнүнэн ааҕыллар.
- 1934 — ССРС-ка сууттанааччылар аймахтарыгар «судаарыстыбаны утары дьайыыны» оҥорууну үҥсүбэтэхтэрин иһин холуобунай эппиэтинэс баар буолбут. Судаарыстыбаны утары дьайыы ахсааныгар кыраныысса таһыгар күрээһин киирбитэ этэ.
- 1946 — Лондоҥҥа Кыайыы параада буолбут.
- 1958 — ССРС футболга хамаандата аан дойду чөмпүйэнээтигэр аан бастаан кыттыбыт, Англиялыын оонньоон 2:2 тэҥнэспит.
- 1960 — Лев Троцкайы өлөрбүт Рамон Меркадер Кириэмилгэ Сэбиэскэй Сойуус дьоруойун сулуһун туппут.
- 1963 — Дьокуускайга Саха АССР култуура үлэһиттэрин II сийиэстэрэ саҕаламмыт.
- 1963 — АХШ кардиологтара табаҕы утары бастакы хампаанньаны биллэрбиттэр.
- 1964 — Исландия ЮНЕСКО-ҕа киирбит.
- 1990 — Арассыыйа түмэнэ (парламена) Арассыыйа сокуоннара ССРС сокуоннарыттан үрдүктэрин туһунан сокуон ылыммыт.