Бэс ыйын 7 диэн Григориан халандаарыгар сыл 158-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 159-c күнэ). Сыл бүтүө 207 күн баар.
ХНТ: Ас-үөл куттала суох буолуутун күнэ. ХНТ быһаарыытынан 2018 сылтан бэлиэтэнэр.
Арассыыйа — Краудфандинг күнэ. Сыл аайы Бэс ыйын 7 күнүгэр 2015 сылтан Россияҕа Краудфандинг күнүн ылар буолбуппут. Бу күн 2012 сыллаахха Россияҕа аан маҥнайгы краудфандингыннан дьарыгырар Planeta.ru сервис официальнайдык үлэтин саҕалаабыта.
Саха АССР Бүлүү куоратыгар учууталлар дьиэ кэргэннэригэр 1946 сыллаахха бэс ыйын 7 күнүгэр Алексеев Анатолий Николаевич төрөөбүт — археолог, СГУ ректора, Гуманитарнай чинчийэр институт дириэктэрэ, устуоруйа билимин дуоктара. Бастакы диссэртээччиэйтин Алын Өлүөхүмэ таас үйэтигэр көмүскээбитэ.
Түбэлтэлэр:
- 1099 — Бастакы кириэстээх бохуот кэмигэр Иерусалимы төгүрүктээбиттэр.
- 1494 — Испания уонна Португалия Тордесильяс дуогабарын түһэрсэн аан дойдуну барытын икки аҥы үллэстибиттэр. Испания арҕааҥы эҥэлэйи (полушариены) ылбыт, онтон Португалия — илиҥҥини.
- 1726 — Мартын Шпанберг диэн Витус Беринг киһитэ 200 киһилээх Дьокуускайтан ыраах айаҥҥа туруммут. Кини хоту барыахтаах таһаҕаһы Охуоскайга илдьибит. Беринг бэйэтэ уонна Алексей Чириков онооҥҥо-манааҥҥа дылы Дьокуускайга хаалбыттар.
- 1775 — Холбоһуктаах Холуонньалар (United Colonies) ааттара Холбоһуктаах Штааттар (United States) диэҥҥэ уларыйбыт.
- 1816 — 2-с раангалаах капитан Михаил Миницкэй Саха уобалаһын салайааччыта буолбут. 1821 сыл алтынньы 21 күнүгэр диэри бу дуоһунаска олорбута.
- 1837 — Хапкааска Адлеры ылыы кэмигэр Александр Бестужев-Марлинскай өлбүт. Бу киһи Дьокуускайга көскө кэлэн түөрт сыл олорбута, онтон ыраахтааҕыттан көрдөһөн Хапкаас сэриитигэр көннөрү саллаатынан барбыта. Эдэр сылдьан Пушкинныын суруйсара, кини айар үлэтэ (омуннаах романтикалаах сэһэннэр) оччотооҕу литэрэтиирэҕэ да, кэлин тахсыбыт айымньыларга да дьайбыта.
- 1903 — Берлиҥҥэ француз учуонайа Пьер Кюри саҥа химия элэмиэнин — полонийы — арыйбытын туһунан кэпсээбит.
- 1923 — Охуоскайга кыһылларга бэринимээри бэйэтин ытыммыт генерал Ракитин өлбүт. Кини Гражданскай сэриигэ өлбүт бүтэһик генерал буолбута.
- 1924 — 130 киһилээх тоҥустар этэрээттэрэ биир суукканы быһа кыргыһан баран Айаан пордун ылбыт. Этэрээт салайааччылара — Илья Канин, Павел Карамзин уонна Михаил Артемьев.
- 1938 — Австрия нацистыы бырабыыталыстыбата кэргэннии буолааччылар арийдартан төрүттээхтэрин дакаастыахтаахтарын туһунан биллэрбит.
- 1947 — Дьугдьуурлаг тэриллибит. Салалтата Дьокуускайга эбит. Бастаан САССР ИТЛ салалтатыгар бас бэринэр эбит, онтон ГУЛаг тиһилигэр киирбит.
- 1950 — Георгий Башарин дуоктар диссэртээссийэтин көмүскээбитэ. Бу үлэтигэр тыа сахаларын XVIII үйэ 60-с сылларыттан XIX үйэ ортотугар диэри олохторун-дьаһахтарын ырытан, сүөһү иитээччилэргэ сир суолтатын арыйбыта. Географиялыы пессимизм уонна географиялыы оптимизм диэн тиэрминнэри туһаммыта, оптимизм баар буолан Саха тыйыс айылҕатыгар бурдук ыһыыта саҕаламмытын ыйбыта. Ол эрээри, бэлиитикэ дьайыытынан бу көмүскээһини аахсыбатахтара, онон 1956 сыллаахха диссэртээссийэтин хос көмүскээбитэ.
- 1989 — В ходе работы ССРС норуотун дьокутааттарын I Сийиэһигэр Межрегиональнай дьокутааттар бөлөхтөрө үөскээбит — Сэбиэскэй Сойууска бастакы түмэн (парламент) оппозицията.
- 1991 — Украинскай ССР Үрдүкү сэбиэтэ Украинаҕа баар сойуус тэрилтэлэрэ бары өрөспүүбүлүкэҕэ бас бэриниэхтээхтэрин туһунан быһаарыы ылбыт.