Поиск
Close this search box.

Бэс ыйын 6 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Бэс ыйын 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 157-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 158-c күнэ). Сыл бүтүө 208 күн баар.

Бэс ыйын 6 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, ХНТ: Нуучча тылын күнэ. ХНТ быһаарыытынан 2010 сыллаахтан А.С. Пушкин төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Маны тэҥэ бу таһымҥа араас күннэргэ (үксүн улуу суруйааччылар төрөөбүт күннэригэр) ХНТ атын 5 тылын күнэ бэлиэтэнэр. Арассыыйа: Нуучча тылын күнэ. 2011 сыллаахтан Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан бэлиэтэнэр.

Түбэлтэлэр:

  • 1664 — Англия уонна Голландия ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт.
  • 1815 — Ватерлоо таһыгар сэрии (Наполеон Бонапарт бүтэһиктээх кыайтарыыта).
  • 1912 — Аляскаҕа Новарупта вулкаан эстибит. XX үйэ саамай улахан вулкаана.
  • 1920 — Арассыыйатааҕы коммунистическэй баартыйа (большевиктар) (РКП(б)) Саха сиринээҕи организациятын бастакы тэрийэр мунньаҕа буолбут. Оргбюро тэриллибит: бэрэссэдээтэл — Максим Аммосов, бэрэссэдээтэл солбуйааччыта — Исидор Барахов (Иванов), сэкирэтээр — Дора Жиркова, чилиэннэр — Степан Аржаков, А.Ф. Попов.
  • 1923 — Соловки арыыга хаайыы лааҕыр аһыллыбыт. Саха сиригэр гражданскай сэрии үрүҥнэр өттүлэригэр кыттыылаахтарын бу лааҕырга ыыталлара.
  • 1940 — Өлүөнэ өрүс пароходствотын управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Семен Иванов (1900-1942) экэнэмиис уонна инженер-гидролог үөрэхтээх, Марха улууһутуттан (билигин Ньурба) төрүттээх киһи ССРС НКВД-тын оһуобай отделын быһаарыытынан 5 сылга хаайыыга ууруллар. Лааҕырга өлбүтэ.
  • 1942 — АХШ байыаннай флота Чуумпу далайга Мидуэй аттынааҕы кыргыһыыга Япония импэрээтэрин флотун үлтүрүппүт. Япония түөрт авианосеһа — Акаги, Кага, Сёрю уонна Хирю — тимирдиллибиттэр, «Микума» диэн ыарахан крейсер эмиэ тимирбит. Америка өттүттэн Yorktown авианосец уонна Hammann эсминец тимирбиттэр.
  • 1944 — Нормандия кытылыгар (хотугу Франция) АХШ уонна Улуу Британия сэриилэрэ улахан десант түһэрбиттэр. Союзниктар 160 тыһыынча кэриҥэ саллааттара 5 000 катерынан Ла-Манш силбэһиитин туораабыттар. Кинилэри 289 хараабыл уонна 277 тральщик арыаллаабыта. Инньэ гынан Германияны утары арҕаа иккис фронт аһыллыбыт, Францияны босхолооһун саҕаламмыт.
  • 1944 — Кимэ-туга оччо биллибэт саллаат Иннокентьев Иван Васильевич Саха суруйаачыларын сойууһугар 1944 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр суруллубут суругар саха бэйиэтэ Чаҕылҕан «Воину-якуту» диэн хоһооно «Сын Родины» диэн фронт хаһыатыгар бэс ыйын 6 күнүгэр бэчээттэммитин кэпсээбит.
  • 1945 — «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэ иһин» мэтээл олохтоммут.
  • 1956 — ССРС-ка орто оскуола үрдүкү кылаастарыгар, орто анал уонна үрдүкү үөрэх кыһаларыгар үөрэнии босхо буолбут.
  • 1957 — Серафим Потапов реабилитацияламмыта — Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Үөһээ Бүлүүгэ прогрессивнай өйдөөҕүнэн биллибит Баай Батаакап оҕолоруттан биирдэстэрэ, 1938 сыллаахха хаайыллыбыта, 1941 сыллаахха Халымаҕа лааҕырга сүтаан өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ.
  • 1966 — ССКП КК уонна ССРС Миниистирдэрин сэбиэтэ «Пятилетка суолталаах тутууларыгар ыччаты ыҥырыы туһунан» уураах таһаарбыттар.
  • 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан астаапкаҕа барбыт Гавриил Попов оннугар Москуба мээринэн Юрий Лужков анаммыт.
  • 1993 — Монголияҕа бастакы бэрэсидьиэн быыбара буолбут. Пунсалмаагийн Очирбат кыайбыт.
  • 2011 — Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимҥэ уонна техникаҕа интэлигиэнсийэтин II форума аһыллыбыт, нөҥүө күнүгэр түмүктэммит. Билимҥэ сыһыаннаах 700-тэн тахса киһи кыттыбыт.
Дата обновления страницы: 06.06.2022