Поиск
Close this search box.

Бэс ыйын 23 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Бэс ыйын 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 174-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 175-c күнэ). Сыл бүтүө 191 күн баар.

  • Олимпиада аан дойдутааҕы күнэ. 1894 сыллаахха Парижка МОК олохтоммут.
  • Аан дойдуга — Бэчээттиир массыына төрөөбүт күнэ. Бу күннэ  1868 сыллаахха Висконсиҥҥа Кристофер Шоулз аан бастаан бонорбут тэрилигэр патент ылбыт. Бу сыл бэчээттиир массына төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар. 
  • Аан дойдуга күөмчүтэ суох күн бэлиэтэнэр.
  • Арассыыйаҕа — Балалайка күнэ.

Түбэлтэлэр:

  • 1565 — Осмааннар флоттарын баһылыга Драгут Мальта Улуу төгүрүктээһинин кэмигэр кыргыһыыга өлбүт.
  • 1724 — Арассыйа импиэрийэтэ уонна Туурсуйа Константинопольга сөбүлэҥ түһэрсибиттэр, Арассыыйаҕа Каспий хаалбыт, оттон Туурсуйаҕа — Тифлис уонна Эривань.
  • 1757 — Плесси кыргыһыыта: 3000 киһилээх Британия Ост-Индиятааҕы хампаанньатын сэриитэ 50000 киһилээх Бенгалия сэриитин кыайбыт. Мантан ыла Улуу Британия Индияны баһылааһына саҕаламмыт.
  • 1794 — Екатерина II ыраахтааҕы дьэбириэйдэр Киевкэ олохсуйалларын көҥүллээбит.
  • 1803 — Роберт Фултон Сена өрүскэ бастакы паарынан барар аалы көрдөрбүт.
  • 1868 — Америкаҕа Кристофер Лэтем Шоулз бэчээттиир массыыҥканы айбыт. Кини сотору кэминэн түргэнник бэчээттииргэ табыгастаах QWERTY-клавиатураны айбыта.
  • 1894 — Парижка Пьер де Кубертен саҕалааһынынан Аан дойдутааҕы Олимпиаада кэмитиэтэ тэриллибит.
  • 1919 — Балтия ландесвера (ньиэмэстэр өйүүр күүстэрэ) Цесис аттынааҕы кыргыһыыга Эстония тутулуга суох буоларын туруулаһар сэбилэниилээх күүстэргэ кыайтарбыт, чугуйбут; бу күнү Эстонияҕа Кыайыы күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр.
  • 1927 — Максим Аммосов салалталаах Саха АССР-ы чинчийэр хамыыһыйа уурааҕынан Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын киин опытнай станцията тэриллибит. Мантан Саха сиринээҕи тыа хаһаайыстыбатын үөрэтэр-чинчийэр институт устуоруйатын саҕалыыр.
  • 1938 — Москубаҕа «саха буржуазнай омугумсуйар өрөбөлүүссүйэни утарар подпольетын кыттыылааҕын быһыытынан» Серафим Потапов тутуллубута. Саха устуоруктарыттан биир бастакылара, кыраайы үөрэтээччи, дьоҕурдаах суруналыыс быһыытынан биллибит киһи, судаарыстыба диэйэтэлэ. Бу күннэргэ П. А. Ойуунускайы, Г. В. Ксенофонтову эмиэ туппуттара.
  • 1944 — Сэбиэскэй Сойуус сэриилэрэ «Багратион» диэн ааттаах эпэрээһийэни саҕалаабыттар, бу түмүгэр Белоруссия, Литва сорҕото уонна Польша илин өттө босхоломмуттара.
  • 1961 — Антарктика туһунан сөбүлэҥ олоххо киирбит, бу сөбүлэҥинэн Антарктика билим заповеднигын быһыытынан билиниллибитэ, байыаннай туһаныы хааччахтаммыта.
  • 1978 — Кырыымҥа Муса Мамут диэн киһи былаас кырыым татаардарын атаҕастыырын утаран бэйэтин умаппыт. Аҕыйах хонон баран балыыһаҕа өлбүт. Ол тухары кэмсиммэтин этэ сыппыт.
  • 1990 — Молдавия Үрдүкү Сэбиэтэ суверенитет туһунан декларация ылбыт.
  • 2016 — Британия олохтоохторо референдумҥа Европа Сойууһуттан тахсар туһунан куоластаабыттар.
Дата обновления страницы: 23.06.2022