Бэс ыйын 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 173-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 174-c күнэ). Сыл бүтүө 192 күн баар.
Арассыыйаҕа Казахстаҥҥа, Белорусияҕа — Кутурҕан күнэ, 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт.
1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской баара. 1942 сыллаахха бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит. Бу сыл олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой сэриигэ барбыт.
Аан дойдуга Сакалаатынай эклер күнэ
Аан дойдуга Луковое кольцо күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1633 — Римҥэ инквизиция суутугар буруйдаммыт Галилео Галилей Сир Күн тула эргийэр диэн бэйэтин тылларыттан батыммыт.
- 1812 — Француз императора Наполеон Бонапарт Арассыыйаҕа сэрии биллэрбит.
- 1839 — АХШ бырабыыталыстыбатын кытта черокилары арҕаа көһөрөр Саҥа Эхота сөбүлэҥэр илии баттаабыттарын иһин Майор Ридж, Джон Ридж уонна Элиас Будино диэн биис уустарын баһылыктарын черокилар бэйэлэрэ өлөрбүттэр. Бу көһөрүү кэлин Харах уулаах суол диэн ааттаммыта. «Харах уулаах суол» билиҥҥи тоҕус штаат сирдэринэн ааһар, устата 2200 миилэ (3500 км). Черокилары күүһүнэн көһөрүүгэ буруйу АХШ Кэнгириэһэ 1987 сыллаахха билиммитэ, АХШ Сената 2008 сыллаахха индеецтэртэн «АХШ салалтатын толкуйдамматах бэлиитикэтин» иһин бырастыы гыналларыгар көрдөспүтэ.
- 1929 — Нагаево буухтатын кытылыгар Илиҥҥи Эбээн культбазатын олорор дьиэлэрин, оскуолатын, бэтэринээр пуунун, балыыһатын уонна интэринээтин тутуу саҕаламмыта. Кэлин бу культбаза Магадаан куорат буолбута.
- 1941 — Фашистыы Германия Сэбиэскэй Сойууска сэриинэн саба түспүт.
- 1941 — Львов аттынааҕы Скнилов байыаннай аэродромы сарсыарда 4 чааска буомбалааһыҥҥа связист Феодосий Донской түбэспитэ. 1945 сыллаахха Рейхстаг эркинигэр хаалларбыт суруга хаартыскаҕа баар. Кэлин социолог учуонай буолбута.
- 1942 — бэйиэт, учуутал Бүөтүр Тобуруокап Туобуйаттан 42 киһини аармыйаҕа анаан хомуйан киирбит уонна ол дьонун кытта бэс ыйын 22 күнүгэр аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
- 1942 — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Степанов — Ноорой (08.05.1897—1975) 44 сааһыгар сэриигэ барбыт. Хаста да бааһыран тыыннаах төннүбүтэ.
- 1943 — Николай Илларионов фронтан дьонугар суруйбут суругар сулууспалаабытым 1 сыл буолла диэбит. Бу Хайахсыт нэһилиэгиттэн төрүттээх киһи өссө 6 бииргэ төрөөбүтэ сэриигэ сылдьыбыта. Бэйэтэ төннүбэтэҕэ. Төрөппүттэрэ (уонна 11 бииргэ төрөөбүт оҕоттон кыралара буолуо) Чурапчы холкуостарын күүһүнэн хоту көһөрүллүүтүгэр түбэспиттэрэ.
- 1960 — ССРС уонна Кытай официальнайдык сыһыаннарын быспыттар. Бу иннинэ ССРС хомуньуус баартыйатын баһылыга Никита Хрущёв Кытай хомуньуус баартыйатын баһылыган Мао Цзэдуну сталинист диэн ааттаабыта, ынарааҥҥыта Хрущебу ревизионист диэбитэ.
- 1973 — ГДР уонна ФРГ Холбоуктаах наассыйалар тэрилтэлэрин чилиэннэрэ буолбуттар.
- 2008 — «Улак—Элгэ» тимир суол тутуутун үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйбыттар. Бу суол уһуна 315 км. Аһыллыы сиэригэр-туомугар СӨ бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров уонна Амыр уоблаһын күбүрүнээтэрин э.т. Виктор Марценко сылдьыбыттар.
- 2009 — Ингушетия бэрэсидьиэнин өлөрө сатаабыттар. Юнус-бек Евкуров бааһырбыт.