Бэс ыйын 21 диэн Григориан халандаарыгар сыл 172-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 173-c күнэ). Сыл бүтүө 193 күн баар.
Күн саамай уһуна, өрөң түүн саамай кылгаһа. Ый бүтүүтэ эһэ иссиитэ саҕаланар. Хотугу полушариеҕа бу күн үксүн сайыҥҥы Күн туруута буолар. 2021 сыллаахха Дьокуускай кэминэн Күн туруута күнүс 12 чаас 32 мүнүүтэҕэ сөп түбэһэр, бу кэмҥэ Хотугу полюс Күҥҥэ муҥутуурдук чугаһыыр. 2022 сыллаахха Күн туруута 18 чаас 14 мүнүүтэҕэ бэлиэтэниэ. 2023 сыллаахха — 23 чаас 58 мүнүүтэҕэ. Оттон 2024 сылллаахха — 5 чаас 51 мүнүүтэҕэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Ыһыах күнэ. 🌿☀️🌿
Орто туруу дойду күлүгэ Айыы суолугар турда. Буор кут, салгын кут өрө дабайда. Үрүҥ тыын тиһигэ сүргэ көтөҕүлүннэ.
- Аан дойдуга — Гуманист күнэ
- Аан дойдуга — Гидрография
- Аан дойдуга — Йога күнэ
- Аан дойдуга- Селфи күнэ.
- Арассыыйаҕа — Кинолог күннэ.
- Күн туруутун кытта ситимнээх бырааһынньыктар
- Былыргы сахалар Улуу Тунах ыһыаҕын ыһаллар.
- Былыргы славяннар бу күн Перун таҥара төрөөбүт күнүнэн ааҕаллар эбит.
- Исландияҕа Лита диэн бырааһынньык — сыл саамай уһун күнүн бэлиэтииллэр.
- Хотугу Ирландия — Бүөмнээн толкуйдуур күн (День личных размышлений). Хотугу Ирландияҕа утарыта турсуу туһунан толкуйдуурга 2007 сылтан бэлиэтэнэр.
- Серфинг аан доходятааҕы күнэ
- Мапуче (Чили соҕуруу өттө) — Виньой Трипанту, кыһыҥҥы Күн туруутун бырааһынньыга.
- Боливияҕа, Перуга, Чилигэ олорор аймара омуктар — Вилкакути, Анды-Амазония Саҥа дьыла
- Fête de la Musique (Муусука бэстибээлэ) — бастаан Франция культууратын миниистирин ыҥырыытынан 1982 сылахха Парижка бэлиэтэммитэ. Билигин аан дойду барыта бэлиэтиир. Бу күн куораттар, сэлиэнньэлэр уулусаларыгар муусукаҕа оонньууру көҕүлүүллэр.
Түбэлтэлэр:
- 1893 — Чикагоҕа Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа бастакы туланы көрөр көлүөһэ аһыллыбыт.
- 1915 — Худуоһунньук Казимир Малевич аатырбыт Хара квадрат хартыынатын оҥорон бүтэрбит.
- 1922 — Никольскайдааҕы кыргыһыы буолбут. 226 Петроградскай полк Нам улууһун Никольскайын, улуус киинин Конта-Креһы, Граф Биэрэгин босхолообут. Кыргыһыы түмүгэр үрүҥнэр хотугу бөлөхтөрө урусхалламмыт, 400-кэ тиийэ киһи өлбүт, биир оччо билиэҥҥэ түбэспит.
- 1940 — Амматтан төрүттээх Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы Алексей Кралин буруйа суоҕа дакаастанан реабилитацияламмыт. Бу киһи норуот өстөөҕө аатыран 1928 сылтан 12 сыл хаайыыга сыппыта. Казань куоракка РККА хамандыырдарын кууруһугар үөрэммит, Туркестааҥҥа басмаачтары утары кавалерияны хамаандалаабыт киһи.
- 1941 — Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх саха бастакы устуорук учуонайдарыттан биирдэстэрэ Никон Романов Ленинградка хандьыдаат диссэртээссийэтин көмүскээбит, тиэмэтэ «Саха сиригэр XVIII үйэтээҕи дьаһаах». Сарсыныгар, биллэрин курдук, сэрии саҕаламмыта, учуонай бэйэтин баҕатынан аармыйаҕа барбыта, күһүн Колпино аттыгар дьоруойдуу өлбүтэ. 30-с сс. учууталлыы сылдьыбыта, киниэхэ элбэх Үөһээ Бүлүү биллиилээх дьоно үөрэммиттэрэ, холобур, саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап.
- 1950 — Биир гааттан 29 центнер сэлиэһинэйи ылбытын иһин Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ Николай Барамыгин Социалистыы Үлэ Дьоруойун аатын ылбыт.
- 2008 — Бэс ыйын 21-22 күннэригэр Олоҥхо Ыһыаҕа Таатта улууһугар буолбут.
- 2009 — Референдум түмүгэр Дания састаабыгар киирэр Гренландия автономията кэҥэтиллибит. Бу иннинэ олохтоохтор доруобуйа харыстабылын, орто үөрэхтээһини, социальнай көмөнү бас билэр эбит буоллахтарына, 2009 сылтан ыла полицияны, суут систиэмэтин уонна сир баайын эмиэ дьаһайар кыахтаммыттар.