Поиск
Close this search box.

Бэс ыйын 3 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Бэс ыйын 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 154-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 155-c күнэ). Сыл бүтүө 211 күн баар.

Бэлэсипиэт аан дойдутааҕы күнэ.

1915 сыллаахха Аммаҕа оҕо хоһоонньута, суруналыыс Константин Дьячковскай — Туйаарыскай төрөөбүт.

Түбэлтэлэр:

  • 1098 — Биэс ый төгүрүктээн олорон баран крестоноцестар Антиохия куораты ылбыттар. Антиохия түҥ былыр эллиннэр куораттара этэ, кэлин Рим импиэрийэтин куората буолбута, онтон араабтар баһылаан олорбуттара. Билигин Туурсуйа соҕуруу өттүгэр Сиирийэни кытта кыраныыссатыгар баар.
  • 1326 — Новгород өрөспүүбүлүкэтэ Норвегиялыын сөбүлэҥ түһэрсэн, хоту Финнмарк диэн сир олохтоох омуктара (саамнар) түһээни кимиэхэ төлүөхтээхтэрин быһаарбыттар. Бу дуогабар 10 сылга түһэрсиллибитэ эрээри, усторуктар суруйалларынан, XIX үйэҕэ диэри сүнньүнэн тутуһуллубута. Бу сирдэр билигин Норвегияҕа, Финляндияҕа уонна Арассыыйа Мурманскай уобалаһыгар киирэллэр.
  • 1571 — Кырыым хаана Девлет I Гирей оччотооҕу кэминэн кыра ахсаннаах (40-ча тыһыынча киһилээх) сэриитэ Москубаны уоттаабыт. Сылтаҕа — Москуба уонна Вильно өр кэмҥэ түһээн төлөөбөтөхтөрө. Ыраахтааҕы Уордаах Уйбаан Ростовка күрээбитэ. Москубаны уоттаан баран хаан сэриилэрэ Рязань сирдэринэн төннүбүттэрэ. Араас сыанабылынан бу бохуот түмүгэр 60 — 150 тыһыынча киһи кулут буолбута, 10 — 120 тыһыынча нуучча өлбүтэ.
  • 1830 — Севастополь куоратыгар холера эпидемиятыттан сылтаан олохтоммут карантины утаран улахан буун буолбут, карантин көтүрүллүбүт. Ол эрээри 5 хонугунан бу куоракка аармыйа кэлэн бэрээдэги төттөрү олохтообут. Маннык бууннар Арассыыйа атын да куораттарыгар буолуталаабыттар.
  • 1839 — Кытайга Улуу Британия атыыһыттарыттан былдьаммыт 1,2 мөлүйүөн киилэ опиуму суох гыммыттар. Онтон сылтаан Улуу Британия Кытайга сэрии биллэрбит, устуоруйаҕа бы сэрии Опиум Бастакы сэриитэ диэн ааттаммыта. Бу сэриигэ Кытай кыайтарбыт, атын сайдыылаах дойдулартан «атаҕастаныы үйэтэ» саҕаламмыт.
  • 1896 — Москубаҕа Кытай уонна Арассыыйа импиэрийэтин бырабыыталыстыбалара кистэлэҥ дуогабар түһэрсибиттэр. Ол дуогабарынан Арассыыйа Кытайы Япония сэриилээтэҕинэ көмүскүөх буолбут уонна КВЖД диэн ааттаммыт тимир суолу Манчжурияҕа тутар быраабы ылбыт.
  • 1917 — Санкт-Петербурга Сэбиэттэр I Сийиэстэрэ буолбут. Манна 1090 дэлэгээт Арассыыйа араас муннуктарыттан кыттыбыта, хомуньуус-меньшевиктэр уонна эсердэр баһыйаллара. Сэрииттэн тахсар туһунан уонна 50-100 миллионеры тутан хаайар туһунан бассабыыктар этиилэрин ылымматахтара. Владимир Ленин бу балысхан хаамыылары салайар баартыйа биһиги бассабыыктар буолабыт диэбитин күлүү-элэк оҥостубуттара.
  • 1920 сыл бэс ыйын 3 күнүгэр Саха сиригэр Советскай былааһы олохтуурга Сибревком боломуочунайынан анаммыт Максим Аммосов Саха сириттэн көскө ыытыллыбыт дьону түмэн, Исидор Ивановы (Бараховы), Степан Васильевы, о.д.а. кытта Дьокуускайга кэлбитэ. Бу үөрэхтээх уонна эрчимнээх дьон этилэр. Холобур, Ньурбаттан төрүттээх Степан Васильев Иркутскайга хомсомуолу тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, Саха сиригэр хомсомуол бастакы тэрийэр мунньаҕын эмиэ кини оҥорбута.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Люфтваффе Париж куораты буомбалаабыт.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Дюнкерк аттынааҕы кыргыһыыга Германия кыайар.
  • 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ: Япония Алеут арыыларын ылаары Уналаска арыыны буомбалаабыт.
  • 1984 — Амритсарга баар сикхтар Көмүс храмнарын аттыгар Ииндийэ бырабыыталыстыбата «Күөх сулус» диэн ааттаах байыаннай эпэрээһийэ ыыппыт, ол түмүгэр 5000 кэриҥэ киһи өлбүт.
  • 1989 — Тяньаньмэнь болуоссакка сэттэ нэдиэлэ тухары барбыт бырачыаһы тохтотор соруктаах Кытай бырабыыталыстыбата сэбилэниилээх күүстэрин ыыппыт.
  • 1991 — Москубаҕа Михаил Горбачев салалталаах, 40-ча өрөспүүбүлүкэ салайааччылара кыттыылаах Федерация Сэбиэтин мунньаҕа буолбут. Уустук кэпсэтиигэ сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэлэр боломуочуйаларын ырытыспыттар.
  • 1992 — Австралияҕа суут төрүт омуктар сиргэ бырааптарын бигэргэтэр быһаарыы ылбыт. Сууту Эдди Мабо диэн киһи кыайбыт.
  • 2006 — Сербия уонна Черногория сойууһа Черногория тутулуга суох барыытынан суох буолбут.
Дата обновления страницы: 03.06.2022