Поиск
Close this search box.

Бэс ыйын 18 күнэ “Бүгүн туох күнэй?”

Бэс ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 169-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 170-c күнэ). Сыл бүтүө 196 күн баар.

Аан дойдуга — Ас-үөл бигэ туругун күнэ (нууч. День устойчивой гастрономии).

Аан дойдуга — Оҕо кэлээскитин төрөөбүт күнэ.

Аан дойдуга — Гармония күнэ.

Аан дойдуга — Суши күнэ.

Аан дойдуга — Түмсэн куорат, дэриэбинэ таһыгар тахсан күүлэйдээһин күнэ (нууч. Международный день пикника).

Арассыыйаҕа — Сэбилэниилээх күүстэр байыаннай биллэрии сулууспаларын күнэ.

Түбэлтэлэр:

  • 860 — 200-чэкэ хараабыллаах Таврия (билиҥҥи Кырыым, Херсон уобалаһа, Запорожье) диэкиттэн Босфорга устан кэлбит дьон Византия киин куоратыгар Константинопольга саба түспүттэр. Византия ыраахтааҕыта Михаил III бу кэмҥэ сүрүн аармыйатын уонна флотун кытта араабтары кытта сэриилэһэ атын сиргэ сылдьара, онон куорат саба түһээччилэри үлтүрүтэр кыаҕа суоҕа. Бу түмүгэр талабырдьыттар куорат тулатын ситиһиилээхтик халаан-талаан баран төннөн хаалбыттара. Бу түгэни ойуулуурга Византия суруктарыгар аан бастаан Рус (Русь, руустар) диэн тыл туттуллубут (бу иннинэ ити сирдэргэ олорооччу биис уустарын скифтэр дииллэрэ). Саба түһээччилэр баһылыктара ким буолара биллибэт, устуоруктар Рюрик, эбэтэр ини-биилэр Аскольд уонна Дир буолуохтара дииллэр. Православиеҕа бу түгэн «Царьград варвардартан дьикти быыһаныыта» эбэтэр «скифтэр кагааннарыттан быыһаныы» диэн биллэр.
  • 1429 — Франция уонна Англия Сүүс сыллаах сэриилэрин кэмигэр быһаарылаах Пате кыргыһыыта буолбут. Франция аттаах рыцардарын сэриитэ Англия үксүн сатыы охчуттартан турар сэриитин кыайбыт. Сотору кэминэн Франция англичаннартан босхоломмута.
  • 1812 — АХШ Улуу Британияҕа сэрии биллэрбит. Бу 1815 с. диэри барбыт сэриини АХШ-ка билигин Босхолонуу иккис сэриитэ дииллэр, тоҕо диэтэххэ Британия сабыдыалыттан босхолонорго олук буолбута. Британия өттүгэр элбэх индеецтэр сэриилэспиттэрэ.
  • 1815 — Бельгияҕа Ватерлоо куоратын таһыгар Наполеон сэриилэрин бүтэһик улахан кыргыһыыта буолбут. Англия уонна Пруссия аармыйалара Франция аармыйатын урусхаллаабыттар.
  • 1859 сыллаахха (Юлиан халандаарынан бэс ыйын 6 күнүгэр) Сибиир кэмитиэтэ Саха уобаластааҕы бырабылыанньатын иһинэн типография аһар туһунан балаһыанньа таһаарар. Бу казеннай типография өр сылларга Саха сиригэр суос-соҕотох типография этэ.
  • 1873 — суфражистка (фр. suffrage — талар быраап) Сьюзен Энтони АХШ бэрэсидьиэнин быыбарыгар кытта сатаабытын иһин 100 дуолларга ыстырааптаммыт. Өчөһөн ыстыраабын төлөөбөтөх. Дьахталлар быыбарга кытталлара аан дойду үрдүнэн бобуулаах этэ, холобур, Арассыыйаҕа бу быраабы аан бастаан Финляндия Улуу княжествотын үөрэхтээх дьахталлара 1906 сыллаахха ылбыттара (оттон импиэрийэ атын сирдэригэр — 1917 сыл муус устар 15 күнүгэр).
  • 1940 — Шарль де Голль французтары Утарсыыга ыҥырбыт (Лондонтан, BBC араадьыйа долгуннарынан).
  • 1953 — Эгиипэт өрөспүүбүлүкэ буолбут (1922 сыллаахха Улуу Британияттан тутулуга суох буолбута).
  • 1955 — «Юность» сурунаал бастакы нүөмэрэ тахсыбыт (эрэдээктэр Валентин Катаев).
  • 1956 — сэбиэскэй үрдүкү үөрэх кыһаларыгар диалектическай материализм уонна ССКП устуоруйата диэн булгуччулаах биридимиэттэр киллэриллибиттэр.
  • 1979 — Сэбиэскэй Сойуус уонна АХШ ОСВ-2 сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар. Илии баттааһын сиэрэ-туома Венаҕа буолбута, ССРС-тан Леонид Брежнев, АХШ-тан Джимми Картер кыттыбыттара. Бу сөбүлэҥинэн ядернай сэрии сэбин оҥоруу хааччахтаммыта.
  • 2003 — Бүлүү улууһун өрөгөйүн ырыата бигэргэтиллибит.
  • 2006 — Байконур космодромтан Казахстан бастакы геостационарнай спутнига Казсат тахсыбыт

 

Дата обновления страницы: 17.06.2022