Бэс ыйын 17 диэн Григориан халандаарыгар сыл 168-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 169-c күнэ). Сыл бүтүө 197 күн баар.
Аан дойдуга кумах куйаар тарҕаныытын уонна курааны утары охсуһуу күнэ.
Аан дойдуга айар күүрээни тардар күн.
Аан дойдуга шлепанцы күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1579 — Айанньыт сэр Фрэнсис Дрейк Саҥа Альбион диэн ааттаабыт сирин Англия бас билиитинэн биллэрбит (аныгы Калифорния).
- 1596 — Голландия чинчийээччитэ Виллем Баренц Арктикаҕа Шпицберген архипелагы арыйбыт.
- 1631 — Ииндийэҕэ Шах Дьаһан падишах ойоҕо 38 саастаах Мүмтаз Маһал 14-с оҕотун төрөөрү өлбүт. Падишах аныгыскы 17 сыл тухары кини мавзолейын аатырбыт Тадж Махалы туппут.
- 1673 — Француз чинчийээччилэрэ Жак Маркетт уонна Луи Жолле Миссисипи өрүскэ тийбиттэр, уонна бу өрүһү ойууулаабыт бастакы европеецтар буолаллар.
- 1789 — Франция үһүс сосулуобуйатыттан дьокутааттар бэйэлэрин Дойду Мунньаҕынан (Assemblée nationale) биллэрэллэр. Бу түбэлтэ тиһэҕэр Францияҕа өрөбөлүүссүйэ буолуутугар уонна кыайыытыгар тиэрдибитэ.
- 1843 — Вайрау кыргыһыыта — Саҥа Зеландияҕа маорилар уонна Британияттан төрүттээх көһөн кэлээччилэр ыккардыларыгар бастакы бөдөҥ утарыта туруу.
- 1876 — Монтанаҕа Иирбит Сылгы диэн ааттаах киһи баһылыктаах сиулар уонна шайеннар Джордж Крук генерал сэриитин кыайбыттар. Бу Розебад кыргыһыыта диэн ааттаммыт кыргыһыыга икки өттүттэн тыһыынчаттан тахсалыы дьон кыттыбыта.
- 1885 — Көҥүл Статуята Франция норуотун бэлэҕэ буолан Нью-Йорк куоратыгар кэлбит.
- 1923 — Степан Вострецов кыһыл этэрээтэ Айаан пордун ылбыт. Кыһыллар генерал Пепеляев этэрээтин эмискэччи төгүрүйэн охсуһуута суох 103 офицеры, 230 саллааты, ону кытары Анатолий Пепеляевы бэйэтин билиэн ылбыттар.
- 1929 — 1927—1929 сс. Булуҥ уокуругар үлэлээбит Илья Винокуров Булуҥ уокуругун кэмитиэтин аатыттан Махтал сурук туппут. Бу сылларга салайааччы соругунан хоту уокурукка ас-үөл маҕаһыыннарын, ас-таҥас базаларын тэрийии, хоту өрүстэр ыккардыларыгар муоранан таһаҕас тиэйиитин тэрийии, булчуттары чэпчэки сыаналаах саанан-саадаҕынан хааччыйыы, культура базаларын, оскуолалары, балыыһалары арыйыы буолбута.
- 1940 — Иккис аан дойду сэриитэ — Британия саллааттарын уонна көннөрү дьонун Францияттан дойдуларыгар эвакуациялаан испит «Ланкастрия» (Lancastria) диэн бөдөҥ хараабылы Сен-Назер (Франция) аттыгар люфтваффе атаакалаабыт уонна тимирдибит. Кырата 3000 (сорох сыанабылынан 5800) киһи өлбүт. Британия устуоруйатыгар байҕалга саамай бөдөҥ байыаннай сүтүк.
- 1944 — Егор Алексеев (1925 с.т.), Иккис Аан дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал, Баппаҕаайы кыраайы үөрэтээччитэ аармыйаҕа ыҥырыллыбыт.
- 1944 — Данияттан тутулуктаах Исландия хоруоллуга туспа өрөспүүбүлүкэ буолбут.
- 1950 — Чикаго куоратыгар хирург Ричард Лоулер (Richard Lawler) устуоруйаҕа бастакы бүөр көһөрүүтүн оҥорбут.
- 1953 — ГДР-га политическай кириисис буолбут. Илин Берлииҥҥэ нуорманы үрдэтиини утаран оробуочайдар өрө турбуттар, Илин Германия үрдүнэн 500-чэ сиргэ демонстрациялар буолбуттар. Бу өрө турууну сэбиэскэй таанкалар уонна ньиэмэс народнай полицията хам баттаабыттара.
- 1967 — суруйааччы Софрон Данилов Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыт.
- 2009 — СӨ Төрүт сокуонун преамбулатыгар уонна бастакы ыстатыйатыгар уларытыылар киирбиттэр.
- 2010 — Егор Борисов Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу иннинэ биллибэт төрүөтүнэн Вячеслав Штыров бэрэсидьиэн дуоһунаһыттан батыммыта, Егор Борисовы ол саҕанааҕы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев быстах кэмҥэ эбээһинэһи толорооччунан анаабыта, онтон бу күн Ил Түмэн бигэргэппитэ (куоластаабыт 68 дьокутааттан 61 куолаһынан).