Бэс ыйын 15 диэн Григориан халандаарыгар сыл 166-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 167-c күнэ). Сыл бүтүө 199 күн баар.
Аан дойдуга — Тыал аан дойдутааҕы күнэ (Global Wind Day)). 2007 сыллаахтан Европаҕа, 2009 сыллаахтан аан дойдуга бэлиэтэнэр, тыалы туһаҕа таһаарыыга ананар
Аан дойдуга — Саастаах дьону атаҕастыылларыгар болҕомто уурар күн
Аан дойдуга — Мичээр күүһүн күнэ
Аан дойдуга — Айылҕаны хаартыскаҕа түһэрии күнэ
Арассыыйаҕа — Юннат хамсааһынын күнэ
Түбэлтэлэр:
- Б. э. инн. 763 сыл — Ассирияҕа Күн өлүүтүн бэлиэтээн сурукка киллэрбиттэр. Бу түгэни былиыргы Месопотамия устуоруйатын хронологын чуолкайдыырга туһаммыттара.
- 1215 — Англия хоруола Иоанн Көҥүл улуу хартиягартыгар илии баттаабыт.
- 1410 — Онон өрүһүгэр буолбут быһаарыылаах кыргыһыыга 100000 киһилээх Кытай сэриитэ Илин Монгол сэриитин кыайбыт.
- 1502 — Бүтэһик экспедициятын кэмигэр Христофор Колумбия Мартиника арыыны арыйбыт.
- 1667 — Аан дойдуга биллэр үтүө түмүктээх бастаки хаан кутуу оҥоһуллубут — Францияҕа Жан-Батист Дени диэн быраас 15 саастаах уолга хой оҕотун хаанын куппут.
- 1752 — Америка учуонайа уонна дойдуну төрүттээчилэртэн биирдэстэрэ Бенджамин Франклин чаҕылҕан электрический буоларын дакаастаабыт.
- 1774 — аҕыйах ый (1774 сыл тохсунньу 17 күнүттэн) Саха сирин бойобуодатынан ананан сулууспалаабыт киһи Ларион Черемисинов дуоһунаһыттан уурайбыт.
- 1842 — Нерчинскэй хаатыргатыттан 1841 сыл кулун тутарыгар күрээбит Манчаары Баһылай төттөрү Нерчинскэйгэ этабынан ыытыллар. Сүүһүгэр бэчээттээҕинэн билэн, аймаҕар ат уларса тиийбитин туппуттар.
- 1896 — Япония устуоруйатыгар ордук улахан цунами 22 000 такса киһи олоҕун быспыт.
- 1935 — Бүлүү сүнньүгэр алмаас хостонуон сөбүн билгэлээбит Бүлүү куоратын учууталыгар Пётр Староватовка «Үлэ Дьоруойа» аат иҥэриллэр.
- 1954 — УЕФА олохтоммут.
- 1955 — Далдын үрэх тардыытыгар алмаас үөскээбит сирэ аһыллыбыт — «Удачная» диэн ааттаммыт кимберлит трубката — Арассыыйаҕа саамай улахан алмаас үөскээбит сирэ.
- 1963 — Кытай Сэбиэскэй Сойууһу «аан дойду өрөбөлүүссүйэтин таҥнарыыга» буруйдаабыт.
- 1977 — диктатор Франсиско Франко 1975 сылахха өлбүтүн кэннэ Испанияҕа бастаки дэмэкирээттии быыбар буолбут.
- 1988 — Армения Үрдүкү Сэбиэтэ Карабааҕы Арменияҕа холбуур туһунан модьуйбут.
- 1999 г. — Бельгияҕа «Кока-Коланы» химикаата элбэҕэ бэрдин иһин атыылыыры боппуттар.
- 2001 — СӨ Төрүт сокуонугар уларыйыылар киирбиттэр, холобур «сувереннай» диэн тыллар сотуллубуттар, СӨ нолуогун сулууспата СӨ түмэнигэр бас бэриммэт, быһаччы РФ нолуогун сулууспатыгар бас бэринэр буолбут.
- 2001 — Кытай, Арассыая, Казахстаан, Кыргызстан, Таджикистан уонна Узбекистан Шанхайдааҕы бииргэ үлэлиир тэрилтэни (ШОС) тэрийбиттэр.
- 2004 г. — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларын туһунан» сокуон ылыныллыбыт.